Бэс Күөлгэ "Кэскил" түөлбэҕэ салааска сыыдамнык сырылыыр

Бу күннэргэ Бэс Күөлүн «Кэскил» түөлбэтигэр таһырдьа оҕо куолаһынан чугдаарда. Кинилэргэ анаан нэһилиэк эр дьоно сыыр оҥордулар.

Саҥа «Кэскил» түөлбэҕэ эр дьон түмсэн, Анатолий Аввакумов салайыытынан, оҕолорго анаан сыыр оҥордулар. Салааска сыыдамнык, иҥнигэһэ суох айанныырыгар анаан муус сыыр оҕолору үөртэ.

Күннэтэ оҕо-аймах чугдаарар саҥатынан туолла.»Оҕолорбут төлөпүөҥҥэ хатанан олорбокко, бириэмэлэрин сибиэһэй салгыҥҥа сылдьан атаараллар», — диэн суруйда Валентина Яковлева.

Источник: «Үлэ күүһэ» хаһыат

This post was published on 29.03.2022 13:02 13:02