Бэс Күөлүн олохтоохторо туруорсар боппуруостара үгүс (ВИДЕО)

газета "Саха сирэ"

Атамай нэһилиэгин олохтооҕо Акулина Никифорова 2021 сыллаахха буолбут ойуур баһаарыгар сайылыгар баар дьиэтэ умайбыт. Маны сэргэ, бөһүөлэккэ баар дьиэтэ эмиэ уокка былдьаммыт. Оттон ол оннугар тутуллубут билигин олорор дьиэтэ олус тымныытын туһунан эттэ.

«Уолум инбэлиит буолан, дьиэбин-уоппун тутар, өрөмүөннүүр киһим суох», — диэтэ кини. Онуоха улуус баһылыгын бастакы солбуйааччы Алгыс Стручков: «Умайбыт дьиэлэр оннуларыгар тутуллубут саҥа дьиэлэр бэдэрээччиттэрэ үс сыл иһигэр көстөр итэҕэһи-быһаҕаһы көннөрүөхтээхтэр. Онон кинилэр үлэлэрин хонтуруоллуохпут. Оттон сайылык чааһыгар тустаах хайысхаларга өйөбүл көрүллүбүтэ. Бу боппуруоһу биһиги эмиэ болҕомтоҕо ылан чуолкайдаһыахпыт, быһаарыахпыт», — диэн быһаарда Видеоҕа Елена Потоцкая устуута.

© sakha-sire.ru сайт

This post was published on 07.02.2023 14:33 14:33