Бэс Күөлүгэр уокка былдьаммыт тиэхиникэни саҥанан солбуйуу саҕаланна

Горнай улууһун Бэс Күөлэ нэһилиэгэр ойуур уотугар былдаммыт тиэхиникэни саҥанан солбуйуу саҕаланна. Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ суруйарынан, ити сыалга 9.7 мөл солкуобай көрүллүбүт.


2002 сыллааҕы оҥоһуу умайбыт Синтай-180 тыраахтыр оннугар саҥа толору приводтаах Синтай-244 ылылынна. Уокка былдьаммыт тиэхиникэни саҥанан солбуйуохтара. Уопсайа 8 араас саҥа тиэхиникэ ылыллара былааннанар.

This post was published on 02.09.2021 15:01 15:01