Ил Дархан Айсен Николаев Горнай улууһун Бэс Күөлэ нэһилиэгэр умайбыт «Кэскил» түөлбэтин чөлүгэр түһэрии үлэтин билистэ итиэннэ бастакы дьиэ сыбаайатын түһэриигэ кытынна. Манна барыта 34 толору хааччыллыылаах олорор дьиэлэри тутуохтара.
«Дьиэлэр МХМ (Massiv Holz Mauer) технологиятынан тутуллуохтара. Дьиэ кэмпилиэктэрин олохтоох «АЛМАС» тэрилтэ оҥорор. Тэрилтэ бу технологиянан дьарыктаммыта ырааппыт, тутуу хаачыстыбалааҕынан биллэр. Бэс Күөлүгэр араас типтээх, 40-тан 140 кв. миэтэрэҕэ диэри иэннээх 34 дьиэ тутуллуо», — диэтэ Айсен Николаев.
Дьиэлэри алтынньы 15 күнүгэр диэри тутан, үлэҕэ киллэриэхтэрэ.
«Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин нөҥүө хаһаайыстыбаннай тутуулары чөлүгэр түһэрэргэ, ороскуоту уйунарга быһаарыныы ылынныбыт. Итини таһынан нэһилиэккэ суол, сотору кэминэн саҥа оскуола, элбэх функциялаах киин тутуллуо», — диэтэ Ил Дархан.
This post was published on 20.08.2021 17:15 17:15