Бэргэн ытааччы Иван Кульбертинов скульптурата Кыайыы пааркатыгар турда

Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа, Аан дойдуга аатырбыт бэргэн ытааччы, эбэҥки норуотун чулуу уола Иван Кульбертинов скульптурата Дьокуускай куоракка Өктөөп 50 сыла автострадаҕа саҥа тутулла турар Кыайыы пааркатыгар турда.


Скульптураны Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ, скульптор Николай Чоччасов, архитектор Марина Рожина бөлөхтөрө оҥордо.

Пааматынньык оҥоруутугар Иван Николаевич төрөппүт уола Иван Иванович Кульбертинов, хоту дойду аҕыйах ахсааннаах норуоттарын ассоциацията, Өлүөхүмэ улууһа көмөлөстүлэр. «Иван Иванович үлэ саҕаланыаҕыттан бүтүөр диэри тэҥҥэ сылдьыста, илии-атах, сүбэ-соргу буолла», — диир Николай Чоччасов.

This post was published on 23.10.2020 13:01 13:01