Бүгүн Аллараа Бэстээххэ Үрдүкү спортивнай маастарыстыба оскуолатын “Манньыаттаах” сайыҥҥы лааҕырыгар оҕунан ытыыга “Бриллиантовые стрелы Якутии” норуоттар икки ардыларынааҕы турнир саҕаланна. Быйылгыттан Саха сиригэр ыытыллар күрэхтэһии Оҕунан ытыыга аан дойдутааҕы федерациятын — World Archery – халандаарыгар киллэрилиннэ.
Үһүс сылын тэриллэр турнирга Казахстантан, Германияттан, Монголияттан, Узбекистантан, Белоруссияттан итиэннэ Арассыыйа регионнарыттан – Бурятия Өрөспүүбүлүкэтиттэн, Ямало-Ненецкэй уокуруктан күүстээх охчуттар кытталлар.
Бу үрдүк таһымнаах күрэхтэһиигэ Саха сирин күүстээх охчуттара бары кэриэтэ түмүстүлэр. Розалина Тимофеева, Евгений Тимофеев, Степанида Артахинова, Асим Павлов, Михаил Филатов, Павел Мартынов уо.д.а. биир дойдулаахтарын эрэллэрин түһэн биэриэхтэрэ суоҕа диэн эрэнэбит.
Бүгүн, күрэхтэһиини үөрүүлээхтик арыйыы кэнниттэн, охчуттар боруобалаан ытыылары оҥоруохтара. Сарсыҥҥыттан “классиктар” 70 м, “блочниктар” 50 м ытыыга күрэстэһиэхтэрэ. Өйүүн кыайыылаахтары быһаарар түмүк ытыылар буолуохтара.
This post was published on 26.07.2017 17:23 17:23