Владимир Путин араас таһымнаах быыбардарга ыраахтан (дистанционнай) куоластааһыны көҥүллүүр сокуоҥҥа илии баттаата. Маннык быыбарга электроннай көрүҥүнэн уонна буостанан куоластыахха сөп. edersaas.ru суруйар.
Докумуоҥҥа аан бастаан федеральнай таһымҥа “дистанционнай электроннай куоластааһын” диэн өйдөбүл киллэрилиннэ. Ол эбэтэр, кумааҕыга бэчээттэммит бүлүтүөнэ суох, көмпүүтэр анал бырагырааматын туһанан.
Судаарыстыбаннай былаас, олохтоох бэйэни салайыныы уорганнарыгар быыбары, референдуму ыытарга маннык көрүҥү туһанар туһунан быһаарыныыны “Центризбирком” ылынар. Бу буостанан куоластааһыҥҥа сыһыаннаах. Ону тэҥэ, быыбардааччылар доруобуйаларын көмүскүүр сыалтан, быыбар араас таһымнарыгар эрдэ куоластааһын көрүҥэ кэҥиир. Холобур, ыраах сытар, суола-ииһэ суох сирдэргэ олорор быыбардааччылар 15 күн иннинэ куоластыыр бырааптаналлар. Сорох түгэннэргэ, эрдэ куоластааһын 10, эбэтэр 7 күн урутуур буолуон сөп.
Гражданин дьиэҕэ олорон куоластыырыгар убаастанар төрүөттэр көрүҥнэрэ эмиэ кэҥээтэ. Холобур, доруобуйатын туругунан, эбэтэр, ыарахан ыарыһаҕы көрөр-истэр киһи, о.д.а. Өссө биир саҥаны киллэрии — “Судаарыстыбаннай, муниципальнай өҥөлөр кэлим порталларын” нөҥүө хандьыдааттар тустарыгар куоластары хомуйуу буолар. Ирдэнэр куолас аҥаарыттан элбэҕэ суох куолас хомуллара көҥүллэнэр. Эрэгийиэннэр бэйэлэрэ манна лимиит олохтуохтарын сөп.
This post was published on 25.05.2020 13:01 13:01