Бүгүн Бэрдьигэстээхтэн Мытаахха тахсыы айан суолугар баар Улуу үрэх күргэтэ саҥардыллан, үөрүүлээх арыллыыта буолла. Саҥа тутуу тимир, 32 м уһуннаах, 40 тн уйуктаах, биир массыына ааһар кыахтаах.
Эрдэ муостата мас буолан, халаан уутуттан, улахан кыамталаах тиэхиньикэ сырыытыттан түргэнник айгырыыра. Өрөмүөн ыытылларыгар аҕыйаҕа суох үп-харчы көрүллэрэ. Онон сыллата ороскуотурбат туһугар, биирдэ хаачыстыбалаах үлэни ыыппыт табыгастааҕын бары билэбит.
Муоста арыллытыгар кыттыыны ылбыт СӨ транспорка уонна суол тутуутун миниистирин солбуйааччы Анатолий Потапов үчүгэй бөҕө-таҕа оҥоһуулаах тутуу икки нэһилиэги эрэ ситимнээбэккэ, улууспутугар туризм сайдыытыгар улахан суолтаны ыларын бэлиэтээтэ. Муосталары харыстыыр, уһуннук туһалыылларын ситиһэр туһуттан кыһыҥҥы кэмҥэ тиэхиньикэлэри туора суолунан ыытарга сүбэлээтэ.
Инникитин Көҥкүстээх үрэҕин уҥуордуур күргэни оҥорорго былаан баарын эттэ.
Улуус баһылыга Никита Андреев урбаанньыт Надежда Дьяконоваҕа биригээдэтэ ыыппыт түргэн-тарҕан, ыйыллыбыт кэми тутуһан үлэлээбиттэрин бэлиэтээтэ. Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн муоста тутуутун көҕүлээн ыытар Ил Дархан Айсен Николаевка, СӨ транспорка уонна суол тутуутун министиэристибэтигэр махталын биллэрдэ, суруйда Вячеслав Алексеев, @silatrudagorny.
This post was published on 28.12.2023 11:01 11:01