Бэрдьигэстээххэ уокка былдьаммыт хочуолунай тула суһал дьаһаллар ылыллаллар

Бүгүн сарсыарда СӨ ыксаллаах быһыыга-майгыга хамыыһыйа мунньаҕа Бэрдьигэстээх дьаһалтатын дьиэтигэр буолла. Мунньаҕы СӨ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Алексей Колодезников салайан ыытта. Онтон Бырабыыталыстыба Бэрэссэдээтэлэ Евгений Чекин мунньахтаата. Хочуолунайга баһаар буолбутун түмүгэр тахсыбыт быһылааны туоратыыга суһал дьаһаллар ылыллаллар.


Бэрдьигэстээххэ хочуолунайга буолбут баһаартан сылтаан дьиэлэригэр итиитэ суох хаалбыт 190 киһи, ол иһигэр 58 оҕо сүрүннээн аймахтарыгар тарҕастылар. Эвакопууҥҥа 4 киһи тиийдэ. Бэйэлэрэ оһохтоох дьиэлээх 26 киһи баара билиннэ. Аҕыйах киһи дьиэлэригэр хаалан олорор. Оттуллар дьиэлэр сөптөөх маһынан хаачыллан олороллор.

Алексей Колодезников баар балаһыанньаны билсэн баран, урут оскуола хочуолуттан оттулла турбут дьиэлэри бүгүн онно киэһэ 6 чааска диэри холбуурга, оттон атын дьиэлэргэ үс күн иһинэн итиитин биэрэргэ сорудахтаата.

Олохтоох ОДьКХ 25 киһини туруоран үлэлэтэр. Ону таһынан куораттан 10 киһи кэлэн үлэлии сылдьар. Мэҥэттэн Хаҥаластан биригээдэлэр иһэллэр, Бүлүүттэн, Үөһээ Бүлүүттэн кэлэллэр диэн этилиннэ. Кэлэр биригээдэлэри дьиэнэн-уотунан, үлэһиттэри аһынан үөлүнэн хааччыйыы тэриллэр. Бу дьоҥҥо 50-ча миэстэ интернакка бэлэмнэнэн турар.

А.З. Колодезников тоҥмут дьиэлээхтэри барыларын кытта быһаччы сибээһи тутуһан олорорго сорудахтаата. Ону сэргэ энергетиктэр уот бэриллиитин хонтуруоллаан, баһаарынайдар ыалларынан сотору-сотору кэрийэн көрөллөрүгэр дьаһайда.

Бөлүүн Бэрдьигэстээххэ модульнай хочуол аҕалыллыбыт. Үлэни ОДьКХ ГУТ кылаабынай инженерэ В.В.Бондарь салайа сылдьар. Дьурууһустуба тэрилтэлэргэ олохтонор.

Бырабыыталыстыба Бэрэссэдээтэлэ Евгений Чекин мунньаҕа буолла. Манна баар балаһыанньаны А.З. Колодезников оҥордо. Салгыы манна сыһыаннаах салайааччылар сүрүн үлэлэрин билиһиннэрдилэр.

Бырабыыталыстыба Бэрэссэдээтэлэ Е.А.Чекин баһаарынай сулууспа үлэһиттэрэ нэһилиэнньэҕэ сөптөөх иһитиннэриини, сэрэтиини күүскэ ыыталларыгар, полиция өттүттэн патруллааһын, көрүү-истии күннэри-түүннэри олохтоноругар сорудахтаата.
Эвакопууҥҥа тиийбит дьон аһылыктарын, утуйар таҥастарыгар бэлэмин ыйыталаста.

Силиэстийэ үлэтин түргэтэтэн, хочуолунайдары суһаллык чөлүгэр түһэрии тута саҕаланыахтаах. Умайбыт хочуолунайга хочуоллар алдьамматах буолуохтарын сөп диэн специалистар быһаараллар. Уоттара, носуостара о.д.а. барыта уокка былдьаммыттар.

Бэрэссэдээтэл олохтоох салалта сөптөөх үлэни ыытарын, нэһилиэнньэ түмсүүлээҕин бэлиэтээн туран, дьону босхо таспыт таксистарга, аһы босхо биэртэлээбит урбаанньыттарга, түүннэри-күнүстэри үлэлии сылдьар коммунальнай хаһаайыстыба үлэһиттэригэр махталын биллэрдэ.

Мунньах кэнниттэн салайааччы тута хочуолунайы чөлүгэр түһэрии үлэтин, атын хочуолунайтан саҥа трасса тарда сылдьааччылары көрдө-иһиттэ, кэпсэттэ. Уопсай дьиэлэргэ сырытта, эвакопууннар үлэлэрин билистэ.

This post was published on 28.01.2018 13:03 13:03