Горнай улууһун киинэ Бэрдьигэстээх сэлиэнньэтигэр тахсыбыт улахан саахалы туоратыы үлэтэ, күннэтэ график быһыытынан ыытылла турар. Б.дь. тохсунньу 31 күнүн сарсыарда 6 чаастааҕы туругунан, тоҥмут 30 дьиэттэн 24-гэр ититии киирдэ.
Онон 197 киһи, ол иһигэр 59 оҕо бу дьиэлэргэ олорон аймахтарынан көспүттэриттэн, 188 киһи, ол иһигэр оҕо барыта, дьиэлэригэр ититии киирэн, төннөр кыахтанан үөрдүлэр-көттүлэр.
Хочуолунайга баһаар буолан, тоҥуу-хатыы тахсан, үлэлэригэр харгыстары көрсүбүт 18 тэрилтэттэн 10-нара бүгүн толору режиминэн үлэлиир кыахтаннылар.
Күүтүллүбэтэх улахан саахалы туоратыыга СӨ Ил Дархана Е.А.Борисов, Бырабыыталыстыба Бэрэссэдээтэлэ Е.А.Чекин, манна сыһыаннаах тэрилтэлэр бары күүс-көмө буолан, чөлүгэр түһэрэр үлэ түүннэри-күннэри тохтоло суох ыытыллан, бүтэр уһуга көстөн эрэр.
Чугастааҕы улуустар дьиэ-уот коммунальнай хаһаайыстыбаларын коллективтара, анал өрөмүөннүүр биригээдэлэри ыытан, үлэ түргэтииригэр улахан кыахтары үөскэттилэр. Ол курдук, Хаҥалас, Мэҥэ Хаҥалас, Сунтаар, Ньурба, Үөһээ Бүлүү, Бүлүү улуустарыттан анал идэтийбит өрөмүөннээччилэр кэлэн үлэлэһиилэрэ, бу бөдөҥ тэрилтэ маннык тыын суолталаах проблеманы, соһуччу үөскээбит уустуктары быһаарыыга күүстээх дьаһаллааҕын, түмсүүлээҕин көрдөрөр.
Олохтоохтор салалтатыттан саҕалаан оҕотугар тиийэ бу үлэ түргэтииригэр, хаачыстыбалаахтык оҥоһулларыгар ис тэрээһинигэр кыаллары барытын көмөлөһөллөр, өйүүллэр. Ыччаттар, оскуола үөрэнээччилэрэ бытарҕан тымныыттан чаҕыйбакка, олорон-туран көрбөккө, күнү-түүнү араарбакка эргиччи үлэлии сылдьааччыларга итии чэй, кофе аҕалан биэрэллэрэ — махтаныы биир көрүҥэ дии саныыгын.
This post was published on 31.01.2018 11:23 11:23