Бэрдьигэстээххэ Т-34 тааҥка прототиба туруорулунна

Бэрдьигэстээхтээҕи Кыайыы болуоссата саҥа экспонатынан эбилиннэ — Т-34 тааҥка прототиба туруорулунна. Олохтоох уустар оҥордулар, СИА суруйар.


Олохтоох рационализатордар: улуус бочуоттаах олохтооҕо Захар Павлов уола Георгийдыын Бэрдьигэстээх муниципальнай тэриллии өйөбүлүнэн туттулар. Маастардар Кыайыы Күнүн, былааннаммытын курдук, баттастылар.

Бырайыак Кыайыы 75 сылыгар уонна Горнай улууһуттан сэрии толоонугар Кыайыыны уһансыбыттарга ананар. Мантан фроҥҥа 1,5 тыһыынча курдук киһи уоттаах сэриигэ ыҥырыллыбыта.

This post was published on 06.05.2020 15:03 15:03