Семен Петрович Данилов аатынан Бэрдьигэстээх оскуолатын үөрэнээччилэрэ балаҕан ыйын 1 күнүттэн саҥа үс этээстээх оскуолаҕа үөрэниэхтэрэ. Бэнидиэнньиккэ үлэ хаамыытын Саха сирин баһылыга Айсен Николаев бэрэбиэркэлээтэ.
550 миэстэлээх үс мэндиэмэннээх оскуола муниципальнай чааһынай партнерство бырагыраама чэрчитинэн тутулунна. Дьиэ иһигэр икки улахан спортивнай саала, актовай саала, библиотека, киэҥ-куоҥ остолобуой, аныгы үөрэх кылаастара бааллар.
Эбийиэк сайын номнуо бэлэм буолуоҕа. Ол иннинэ ис үлэлэри бүтэриэхтэрэ. Саҥа оскуола үлэҕэ киирдэҕинэ үөрэнээччилэр биир сменанан үөрэниэхтэрин сөп буолуоҕа.
«Өрөспүүбүлүкэ норуотун поэтын аатын илдьэ сылдьар оскуола саҥа дьиэтэ оҕолору саҥа ситиһиилэргэ, дабайыыларга тиэрдиэҕэ диэн эрэнэбин», — Айсен Николаев бэлиэтээтэ .
This post was published on 25.04.2023 11:03 11:03