Бэрдьигэстээххэ "Mini ZOO” дьоҕус-фермата арылынна

Бүгүн Бэрдьигэстээххэ эдэр урбаанньыт Яна Данилова  “ Mini ZOO”  дьоҕус-фермата  арылынна.

Яна 2021 с. Горнай улууһун “Бизнес стартап” диэн урбаанньыт буолуон баҕалаах  оҕолорго ыытар бырайыагар кыттан, сайыҥҥы мини-зоопарка  үлэлэтэн саҕалаабыта.

Быйылгы саҥа бырыайыага улуус гранын ылары ситиһэн,  сылы эргиччи үлэлэтэр  кыахтаннылар. 

Дьоҕус фермаҕа черепахалартан саҕалаан, итии сиргэ олохтоох көтөрдөр уо.д.а кыыллар бааллар. 

Дьиэ иккис этээһигэр, оҕолору сынньатан ылар анал  миэстэлээҕэ сүрүн болҕомтону тардар, суруйда @silatrudagorny.

This post was published on 15.12.2023 16:03 16:03