Бэрдьигэстээххэ кэрэ-бэлиэ сирдэргэ мастары олортулар

Хаартыска: Үлэ күүһэ

Бүгүн Бэрдьигэстээххэ ойуур хаһаайыстыбатын үлэһиттэрин күнүн көрсө тустаах тэрилтэлэр, нэһилиэк дьаһалтата бөһүөлэкпит кэрэ-бэлиэ сирдэригэр араас мастары, кустарниктары олортулар.

«Эйэ», «Старый Бердигестях» уонна «Я люблю Горный» сквердэргэ уопсайа 30 хатыҥ мас, яблоня, бузина, черемуха, сакура, подрябинник, жимолость, акация арааһа олордулунна. Бу мас арааһын олохтоохтор бэйэлэрин тиэргэннэриттэн аҕалан, бөһүөлэкпитигэр бэлэх ууннулар.

Хаартыска: Үлэ күүһэ

«Бу мастар ситэн-силигилээн, кэрэ-кырасыабай көстүүлэниэхтэрэ диэн эрэнэбит. Олохтоохтор нэһилиэкпит кэрэ көстүүлэнэригэр бэйэбит кылааппытын киллэрсэн, көрө-истэ, харыстыы сылдьыахха диэн ыҥырабыт», — диэн Үлэ күүһэ телеграм-ханаал суруйар.

Үлэ күүһэ ТГ-ханаал

This post was published on 12.09.2024 12:07 12:07