Бэрдьигэстээххэ «Идэһэ-2023» атыы-эргиэн дьаарбаҥката буолла

Ааспыт өрөбүллэргэ Бэрдьигэстээххэ «Идэһэ-2023» атыы-эргиэн дьаарбаҥката тэрилиннэ диэн, НВК Саха телеграм-ханаал суруйар.

Манна уопсайа 20-тэн тахса хаһаайыстыба, бэйэлэрин сибиэһэй эт астарын, бородууксуйаларын улуус киинин олохтоохторугар атыыга таһаардылар.

Кыстыкка тэринэр дьаарбанканы дьон-сэргэ кэтэспит буолан, элбэх киһи кытынна. Улуус бөдөҥ хаһаайыстыбаларын сэргэ биирдиилээн дьон идэһэлэрин атыыга туруордулар.

This post was published on 21.11.2023 13:06 13:06