Бэрдьигэстээххэ элбэх кыбартыыралаах дьиэ умайда

Бу сарсыарда Горнай улууһун Бэрдьигэстээх нэһилиэгэр икки этээстээх элбэх кыбартыыралаах дьиэ умайда. Баһаар түмүгэр биир киһи өлбүтэ билиннэ. Өрөспүүбүлүкэ прокуратурата бэрэбиэркэни саҕалаата.


Уот 11 кыбартыыралаах 2009 сыллаах тутуу мас дьиэни бүтүннүү былдьаата. Билигин олохтоохтор А.И.Парфенов аатынан спортсаалаҕа олохтоннулар.

Баһаарга 13 баһаарынай, түөрт тиэхиньикэ үлэлээтэ. Билигин баһаар биричиинэтин быһаараллар.

This post was published on 23.11.2020 12:03 12:03