Бэрдьигэстээххэ «Эйэ» скверэ аһылынна

Бэрдьигэстээххэ «Эйэ» скверэ аһылынна. Бу туһунан СИАҕа Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата иһитиннэрэр.


Сквер аһыллыыыгар Ил Дархан Айсен Николаев сырытта. «Бэрдьигэстээх өрөспүүбүлүкэҕэ бастакынан федеральнай бырагырааманан бу курдук сирдэннэ. Дьон тыаҕа да куораттан итэҕэһэ суохтук тэринэн олоруохтаах», — диэтэ кини.

«Эйэ» скверэ 2017  сыллаахтан саҕаламмыт «Табыгастаах куорат эйгэтин тэрийии» федеральнай бырагырааманан тутуллубут. Урут бу бырагыраама Дьокуускай эрэ куоратыгар үлэлиир эбит буоллаҕына, билигин улуус кииннэригэр, тыа сирдэригэр оҕо оонньуур былаһааккалара, сквердэр, спортивнай эбийиэктэр тутуллаллар.

Сквер ааптара «База 14» проектнай бюро архитектора Леонтий Туласынов. Кини этэринэн манна ким баҕарар, сааһыттан тутулуга суох, бэйэтигэр сөптөөх дьарыгы булуон, сынньаныан сөп.

Сквер Кыайыы болуоссатын кытары силбэһэ турар.

«Табыгастаах куорат эйгэтин тэрийии» федеральнай бырагырааманан 2020 сылга 347 мөл солк көрүллүбүт, мантан 276 мөлүйүөнэ федеральнай үп. Бу харчынан өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 46 тиэргэн 8 уопсастыбаннай сир оҥоһулла сылдьаллар.

Сиһилии манна аах https://ysia.ru/berdigestyah-stal-odnim-iz-pervyh-sel-v-yakutii-gde-postroili-skver-po-programme-formirovanie-komfortnoj-gorodskoj-sredy/

This post was published on 23.07.2020 15:12 15:12