Бэрдьигэстээххэ сэтинньи 1-14 күннэригэр Саха сирин байыаннайдарын өйүүр «Ийэ сүрэҕин сылааһа саллааттарга» диэн акция буолла. Горнай оройуонун дьахталлара итии 140 кэмпилиэк сылаас таҥаһы тиктилэр, диэн СИА-ҕа Горнай улууһун дьаһалтата иһитиннэрэр.
Акцияҕа барыта 43 дьахтар кытынна. Сылаас таҥас кэмпилиэгин хара, бороҥ уонна күөх өҥнөөх флис матырыйаалтан тиктилэр. 140 кэмпилиэк таһынан, эбии 38 сэлиэччик тикпиттэр.
«Үгүс дьахталлар биһиги тэриллибит күммүтүттэн ыла кэлэн үлэлээбиттэрэ. Сатаан тикпэт дьоннор эмиэ бааллара, ол гынан баран, биһиги саллааттарбытыгар көмөлөһүөн баҕараллара. Кинилэр бары иистэнэргэ түргэнник үөрэнэннэр, үлэ процеһыгар чэпчэкитик киирбиттэрэ. Биһиги чахчы хаачыстыбалаах уонна сылаас көстүүмнэри тиктибит. Ийэлэр сылаас илиилэринэн тигиллибит таҥастар биһиги уолаттарбытыгар тиийиэхтэрэ диэн эрэнэбит», — диэн оройуоннааҕы бэтэрээннэр сэбиэттэрин бэрэссэдээтэлэ Любовь Пахомова санаатын үллэһиннэ.
Таҥас кэмпилиэктэрин өрөспүүбүлүкэтээҕи штабка туттардылар. Сотору кэминэн волонтердар барытын ылан анал байыаннай операцияҕа кытта сылдьар сахаларга тиэрдиэхтэрэ.
This post was published on 16.11.2022 12:05 12:05