Бэрдьигэстээх 70 сылгылаах эдэр бааһынайа Тиит Максимов

SONY DSC

Тиит Максимов 27 саастаах эрээри, бэлиэр, 70 сылгылаах. Онон сааһыгар баппат баай уол. Кини Горнай улууһун киинигэр, Бэрдьигэстээх сэлиэнньэтигэр, олорор. Сылгытын базата улахан айан суолунан куорат диэки кэлэн иһэн, хаҥас туораатахха, чугас баар.


Тиит ХИФУ пединститутугар предпринимателлээһин технологиятыгар үөрэммит. Идэтинэн 1,5 сыл үлэлээбит. Бэрдьигэстээххэ Эбии үөрэхтээһин киинигэр оҕолору маһынан уһанарга уһуйбут. Кини удьуор сылгыһыт буолан, 2012 с. аҕатын 30-тан тахса сылгытын ылан, бааһынай хаһаайыстыба тэриммит. Билигин биэс үөрүнэн 70 сылгылаах, ол иһигэр 50 биэлээх. Сылгытын ахсаанын 100-кэ тириэрдэр соруктаах.

“Өлөрө-сүтэрэ элбэх, — диир эдэр сылгыһыт. – Былырыын күһүн биир тыйбын тыатааҕы күрүөҕэ киирэн, иһин хайа тардан ааспыта. Айан суолун кытыыта буолан, массыына түҥнэри көтөр түбэлтэтэ эмиэ тахсааччы. Бэлиэ туруортарбыппыт кэнниттэн арыый намыраата”.

Тиит оҕо эрдэҕиттэн сылгыга эриллэн улааппыт. Кини Киэсэ диэн электромонтажник идэлээх быраата куораттан өрөбүллэригэр эбэтэр үлэтин быыһыгар тахсан көмөлөһөр эбит. Биллэн турар, хаһаайыстыба үлэтигэр сүрүн сүбэһитэ, настаабынньыга – аҕата Иннокентий Ильич. “Саас сылгыны аһатарга уонна төрүөх кэмигэр көмөлөһүннэрэр киһилээхпин”, — диир сылгы баайдаах эдэр бааһынай.

Ааспыт сайын 30 туонна оттоммуттар. Курааннаан уонна сир кэмчи буолан, “көҥүл хотуурга” эбии оттоноллор. Быйыл сылгы икки ый эрдэ аһылыкка киирэн, окко улаханнык кыпчыйтарбыттар. Эбии 7 туонна оту 6-лыы тыһ. солк. харчыга атыыласпыт. “Баара буоллар, хаһаанардыы, өссө атыылаһыахпын баҕарабын даҕаны, от көстүбэтэ бэрт. Көстөрө буоллар, 8 тыһыынчаҕа да атыылаһыам этэ”, — диир Тиит.

Эдэр сылгыһыт Тиит Максимов эһэтин, аҕатын утумнаан, былыргы “Өлөҥ” холкуос олоҕор саҥа дьиэ-уот тутта сылдьар.

Олег Марков Аграрнай партия аатыттан Тиит Максимовка халандаар бэлэхтиир

Былырыын Ил Дархан дьаһалынан сылгылаах хаһаайыстыбаларга 100 базаны тутууга 1-дии мөлүйүөннээх көмө үп аан маҥнай көрүллүбүтүгэр Горнай улууһуттан Тиит Максимов эмиэ тиксибит. Ол үбүгэр 6 х 7 миэтэрэ иэннээх дьиэ, онно сыһыары биир оччо гараж көҥдөйдөрүн туттубут. Маны таһынан баанньык тутуом диир. Сорох үбүн саҥа күрүөҕэ туһаммыт. Харчыта ордуннаҕына, түүтэхтэммит оту харайар сарай оҥостуон баҕарар.

Тиит Максимов – үс кыра оҕолоох ыал аҕата. Кэргэнэ Акулина иитээччи идэлээх. Сылгы куттаах Бэрдьигэстээх эдэр ыала сайын аайы оҕолорун кытта Өлөҥҥө саҥа базаларыгар тахсан сайылыыр буолуохтара.

This post was published on 23.03.2018 17:00 17:00