Беннет арыытыгар айан эһиил түмүктэниэ

Бу сыл атырдьах ыйыгар сэттэ киһилээх бөлөх үөрэтэр-чинчийэр сыаллаах Дьокуускайтан Илин Сибиирдээҕи муораҕа баар Беннетт арыытыгар катамаранынан айаҥҥа туруммуттара. Бу күннэргэ бөлөх Дьокуускайга төннөн пресс-конференция биэрдэ.


«Бу сыллааҕы түһүмэх этэҥҥэ түмүктэннэ. Бэрт ыарахан айаны аастыбыт. Бөлөх кыттыылаахтара бэлэмнээх, кыахтаах буолан, күчүмэҕэй түгэннэри этэҥҥэ аһардыбыт«, — диир экспедиция салайааччыта Николай Находкин.

Айан Нуучча Географическай уопсастыбатын граныгар Арассыыйа быыһааччыларын союһун, Ил Дархан, СӨ быыһыыр сулууспатын, Өлүөнэ холбоһуктаах пароходствотын өйөбүлүнэн оҥоһуллубут.

Экспедиция кыттыылаахтара уу, муус боруобатын анаалыска ылбыттар итиэннэ ууга устар көстүүмнэри тургутан көртөр. Беннет арыытыгар бөлөх эһиил тиийэр соруктаах. Айанньыттар инникитин Беннет арыытыгар диэри айан туристическай маршрут буолуон сөбүн эттилэр.

Беннет арыыта Новосибирскай арыыларын хотугулуу-илин Илин Сибиирдээҕи муораҕа баар. Саха сирин Булуҥ оройуонугар киирэр. Арыыны 1881 сыллаахха Америка яхтсмена Джордж Делонг арыйбыт.

This post was published on 07.10.2020 13:01 13:01