Абый улууһун Белай Гора бөһүөлэгэр баар аэропорду саҥардан тутуу кыраапык быһыытынан баран иһэр. Эбийиэк биир сылынан үлэҕэ киириэхтээх. Ол туһунан Ил Дархан Айсен Николаев улууска командировкатын кэмигэр этилиннэ, СИА суруйар.
Аэропорт оройуон киинигэр 1985 сыллаахха тутуллубута. Ол кэмтэн хаста да өрөмүөннэммитэ. Уон сыл анараа өттүгэр аэродром саҥардыллыбыта, икки сыллааҕыта — көтөр балаһа. Быйыл ГСМ ыскылаатын тутуу саҕаланна, күрүөтэ-хаһаата, суола-ииһэ оҥоһуллар.
Тендеры «Новаком» хампаанньа кыайбыта. Үлэ уопсай иэнин суумата — 399 мөл 130 тыһ солк.
Сиһилии https://ysia.ru/rekonstruktsiya-aeroporta-v-yakutskom-poselke-belaya-gora-zavershitsya-cherez-god/
This post was published on 15.10.2021 15:02 15:02