Белай Гораҕа ыһыах онлайн буолуоҕа

Ил Дархан Айсен Николаев улуустарга ыһыах хайдах ыытылларын олохтоох былаас бэйэтэ быһаарарын туһунан ыйаахха илии баттаата. Барыта эпидемиологическай балаһыанньаттан тутулуктаах. Абый оройуонун баһылыга Станислав Цюхцинский быһаарыыны кытта сөпсөһөрүн биллэрдэ, суруйар ulus.media.


«Этиини толору өйүүбүн. Ыам ыйын 31 күнүгэр улуустааҕы суһал штаб мунньаҕа буолбута. Ыйаахха олоҕуран улуус киинигэр буолар ыһыаҕы онлайн эрэһиимҥэ ыытары былааннаатыбыт. Култуура тэрилтэлэрэ тэйиччиттэн куонкурустар балаһыанньаларын оҥороллор.

Онлайн-ыһыахтар Абый уонна Майыар национальнай нэһилиэктэргэр ыытыллыахтара. 

Уолбуттар үгэскэ кубулуйбут киэбинэн оҥоруохтара. Утарбаппыт, нэһилиэнньэ улахан аҥара вакциналанан баран сылдьар.

Ураһалаах туттунар. Кинилэр улуус кииниттэн чугастарынан, ыһыахтарын онлайн ыыталларыгар суһал штаб сүбэлээтэ. Муҥурдаахтар быһаарына иликтэр.

Коронавирус балаһыанньата биир тэҥ. Үс киһи стационарга эмтэнэр. Туруктара орто. Саҥа ыарыы бэлиэтэммэт».

This post was published on 02.06.2021 17:01 17:01