15 Тохсунньу 15.01
  • -42°
  • $ 103,44
  • 106,25

Бэйиэт Пантелеймон Тулааһынапка аналлаах төгүрүк остуолга киэҥ кэпсэтии таҕыста

11:32, 05 декабря 2016
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Сэтинньи 30 күнүгэр Дьокуускайга Гуманитарнай чинчийии уонна хотугу аҕыйах ахсааннаах норуоттар проблемаларын институтун саалатыгар саха талааннаах бэйиэтэ, ССРС суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, фольклорист-учуонай Пантелеймон Тулааһынап төрөөбүтэ 100 сылыгар анаммыт «Поэт нарын сүрэҕэ» диэн төгүрүк остуолга дириҥ ис хоһоонноох кэпсэтии таҕыста.


Манна учуонайдар, литературоведтар, суруйааччылар уонна Өймөкөөн улууһун баһылыга Михаил Захаров салайааччылаах дэлэгээссийэ көхтөөхтүк кытыннылар. Хас биирдии дакылааччык Пантелеймон Тулааһынап айымньыларыгар санаатын үллэһиннэ, этии киллэрдэ. М.Аммосов аатынан ХИФУ бэрэпиэссэрдэрэ; филологическай наука доктордара Прасковья Сивцева-Максимова уонна Василий Иллирионов, РФ сойууһун чилиэнэ, Былатыан Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата Николай Винокуров-Урсун, Саха сирин суруйааччыларын сойууһун бэрэссэдээтэлэ, норуот бэйиэтэ Иван Мигалкин уонна ХИФУ бэрэпиэссэрэ Айталина Сыромятникова ытык киһи бэлиэ сылыгар далааһыннаах үлэ барара саамай сөптөөҕүн, инникитин да бу курдук айымньылаахтык үлэлииргэ бэлэмнэрин биллэрдилэр. Салгыы мелодист Владимир Корякин-Индигирскэй бэйиэт «Сулустар» уонна «Мин баҕарабын» хоһоонноругар айбыт бэртээхэй ырыаларын ыллаата.

Төгүрүк остуолу РНА СС ГЧуоХААНПИ литературоведение секторын сэбиэдиссэйэ, филологическай наука кандидата Лидия Романова салайан ыытта. Кини Пантелеймон Тулааһынап биир дойдулаахтарын уонна саха айар куттаах дьонун биир үтүө дьыалаҕа түмпүтүн эттэ. Кэнэҕэскитин да бэйиэт аата киэҥник ааттана турарыгар баҕарарын биллэрдэ.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА