Быйылгы оттооһун түмүгүн өрөспүүбүлүкэ былааһын уоргана таһаарда. Төһө да уустук быһыы-майгы үөскээбитин иһин, Саха сирин тас өттүттэн оту атыыласпаттар.
«Сүрүн сорук туолла. Бэйэбит аһылыкпыт суотугар сүөһүлэри, сылгылары кыстатыахпыт», — диэтэ бастакы вице-премьер-тыа хаһаайыстыбатын уонна ас-үөл бэлиитикэтин миниистирэ Петр Алексеев.
Кини этэринэн, балаҕан ыйын иккис декадатыгар окко былаан 90%, сенажка — 56%, сиилэскэ — 101% туолбут.
Быйыл Саха сиригэр 184,8 тыһыынча сүөһү, 177 тыһыынча сылгы кыстыахтаах. Барылааһын ааҕыынан, дьиэ биир кыылыгар ортотунан 11 центнер аһылык наада.
Бүгүҥҥү туругунан өрөспүүбүлүкэ 12 улууһугар уустук быһыы-майгы үөскээн турар. Күүстэх ардахтартан 55 сэлиэнньэ ото ууга былдьаммыта. Тыа, суол хаһаайыстыбаларыгар хоромньу тахсыбыта.
Эмсэҕэлээбит оройуоннарга оту атын улуустартан аҕалыахтара. Тууһу атыылаһыыга, уматыгы толуйууга, мобильнай биригээдэлэри тэрийиигэ, о.д.а бырабыыталыстыба үп-харчы көрөр.
Былырыыҥҥы саппааһы туһанар туһунан тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ этиилээх. Ону таһынан комбикоруму чэпчэтиллибит сыананан оҥорон таһаарыы бигэтийбит.
This post was published on 26.09.2016 10:03 10:03