Бэйэ оҥоһугун атыылас: Болҕомто киинигэр — сахалыы моһуоннаах дьиэ тээбиринэ

«Сахамиэбэл» атыы-эргиэн быыстапкатын киинигэр «Саха сиригэр оҥоһулунна. Бэйэ оҥоһугун атыылас» диэн үлэ үөрүйэҕин, билиини-көрүүнү, сатабылы  атастаһар биржа аһылынна.


Бырайыак олохтоох урбаанньыттар бородууксуйаларын батарыыга туһуланар. Тэрээһиҥҥэ Дьокуускайтан, Намтан, Уус Алдантан, Амматтан уонна Чурапчыттан 20-чэ предприниматель кыттыыны ылла. Кинилэр бэйэбит сирбит-уоппут маһыттан чочуйан таһаарбыт дьиэ тээбириннэрин, малын-салын уонна  дьиэ тутуутун оҥорбуттарын  билиһиннэрдилэр.

Быыстапкаҕа кыттыбыт, атахтарыгар саҥа туран эрэр урбаанньыттар аһыыр остуолтан утуйар ороҥҥо тиийэ үгүс араас көрүҥнээх миэбэли дьон дьүүлүгэр таһаардылар. Бэйэ бородууксуйатын оҥорон таһаарар урбаанньыттары  өрөспүүбүлүкэҕэ Предпринимательствоны өйүүр  уонна «Якутия» кластернай сайдыы кииннэрэ биир сиргэ түмтүлэр. Кинилэр манан уран тарбахтаах уустар оҥоһуктарын киэҥник тарҕатар сыаллаахтар-соруктаахтар.

«Өрөспүүбүлүкэҕэ мас дьиэни тутар уонна миэбэл оҥорор 200 фирма баар. Кэлиҥҥи сылларга Саха сиригэр оҥоһуллубут миэбэли дьон хамаҕатык атыылаһар буолла. Ол да иһин буолуо, мастан оҥорон таһаарыынан дьарыктанар урбаанньыт ахсаана биллэ элбээтэ. Онон бу хайысха сайдар кэскиллээх», — диэн бэлиэтиир предпринимательствоны өйүүр киин салайааччытын солбуйааччы Марфа Максимова.

«Олохтоох оҥорон таһаарыыны өйүүр сыалтан быйыл кулун тутар 17 күнүгэр «Сахамиэбэл» атыы-эргиэн быыстапкатын киинин аспыппыт. Манна бэйэлэрин бородууксуйаларын атыылыыр мас уустарын-урбаанньыттары өйөөн, удамыр сыанаҕа эргиэн миэстэтин куортамныыбыт. Бүгүҥҥү тэрээһиҥҥэ уонтан тахса биһиги резиденнэрбит кыттыыны ыллылар. Кииммитин аһан баран, бу бастакы быыстапкабыт буолар. Мантан инньэ кыбаартал аайы саха миэбэлин оҥорооччулар уонна мас дьиэни тутааччылар быыстапкаларын тэрийиэхпит», — диэн  «Якутия» кластернай сайдыы киинин дириэктэрин солбуйааччы Иван Анисимов былаанын үллэһиннэ.

Быыстапкаҕа туруоруллубут сахалыы моһуоннаах дьиэ тээбириннэрэ болҕомтону улаханнык тартылар. Бу оҥоһуктар «Сахамиэбэл» атыы-эргиэн быыстапкатын киинигэр хаһан атыыга барыахтарыгар диэри туруохтара. Даачаҕа тахсыы кэмэ саҕаланан, дьиэ тээбиринэ уонна  тутуута үгүс киһини интэриэһиргэтэрэ чахчы. Онон бэйэ оҥоһугун интэриэһиргээбит дьон хаһан баҕарар тиийэн көрүөххүтүн, баҕалаах миэбэлгитин талыаххытын сөп.

edersaas.ru

This post was published on 18.04.2017 12:00 12:00