Бэйэ дьыалатын тэриниигэ 350 тыһ солк, кэтэх хаһаайыстыба тэриниигэ — 250 тыһ солк

Саха сиригэр олох кыһалҕаларыгар түбэспит ыалларга анаан аадырыстаах өйөбүл миэрэлэрэ, социальнай хантараак чэрчитинэн, көрүллэллэр. Билигин дьон суһал социальнай көмөнү таһынан, биирдиилээн социальнай өҥөнү ылар пакет бырагырааматынан туһаныахтарын сөп буолла.

Бырагыраама көмөҕө олус наадыйар оҕолоох дьиэ кэргэттэри уонна үлэлиир саастаах инбэлиит дьону өйүүр социальнай пакеттаах уонна анал бырагыраамалаах. Ол туһунан СИА-ҕа үлэ министиэристибэтэ иһитиннэрдэ.

Саҥа хайысхаҕа баар  — оҕоҕо ыйдааҕы босуобуйата бэриллибитин үрдүнэн тиийинэн олоруу кээмэйигэр дохуоттара тиийбэт дьиэ кэргэттэргэ анал бырагыраама. Бу түгэҥҥэ ыал оҕо сайдыытыгар, маны сэргэ үлэлиир кыаҕы тэриниигэ ороскуоттарыгар көмө оҥоруутугар сайабылыанньа суруйар.

Маны сэргэ бэйэ дьыалатын тэриниигэ эбэтэр үлэлиир саастаах кыра дохуоттаах инбэлиит кэтэх хаһаайыстыба тэриниитигэр анал бырагыраама үлэлиир.

Көмөнү анал профессиональнай үөрэх  эбэтэр үлэ реабилитациятын ааспыттар ылаллар.

Бэйэ дьыалатын тэриниигэ 350 тыһ солк, кэтэх хаһаайыстыба тэриниигэ — 250 тыһ солк.

Социальнай хантараак бэрээдэгэр эбии Ил Дархан Айсен Николаев Ил Түмэҥҥэ туһаайыытыгар олоҕуран оҥоһулунна.

2023 сылга социальнай хантараак үбүлээһинэ миллиард солк кырата суох.

This post was published on 24.01.2023 11:33 11:33