Саха сирэ кинигэ таһаарарынан дойдубут атын регионнарыттан ойуччу үрдүк сылдьар. Маныаха Москубаҕа Кыһыл болуоссакка Арассыыйа кинигэтин бэстибээлигэр дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин “бичиктэр” кинигэлэригэр болҕомтотун уурбута мээнэҕэ буолбатах. Бүгүн “бичиктэр” улуустары кытары үлэлэрин, туох кыһалҕалаахтарын, о.д.а. кэпсээтилэр.
Август Егоров, “Бичик” кинигэ кыһатын дириэктэрэ:
— Биһиги кэлэктииппит уустук усулуобуйаҕа үлэлии үөрүйэх. Хаһан да бэлэмҥэ олорботохпут. Барыта кэмигэр быһаарылларын ситиһэргэ дьулуһабыт. Онон кыһалҕалары этэҥҥэ быһааран, туоратан, бүгүҥҥү күҥҥэ балачча ситиһиилэрдэнэн кэллибит.
1997 с. “Бичиккэ” ананан кэлэрбэр, кыһа уустук балаһыанньалаах олороро. Бу кыһалҕаны быһаарар туһуттан, кинигэ кыһатын сүрүн эрэдээктэрэ Валерий Луковцевтыын үлэни хайдах аттаран туруордахпытына табыллыай диэн улахан толкуйга түспүппүт, былаан оҥорбуппут. Кыһаҕа икки Суруйааччы сойууһун чилиэннэригэр биир тэҥник сыһыаннаһан, саха литературатын туһугар үлэлээн-хамсаан барбыппыт. Атахпытыгар турарга сакааһынан тахсар литератураны элбэтэргэ, араас бырайыактары толкуйдуурга тиһиктээхтик үлэлэспиппит.
Билигин Россияҕа баар 7000 издательствоттан биһиги 50 бастыҥ үлэлээх тэрилтэҕэ киирэбит. Национальнай издательстволарга Татарстаны, Башкортостаны кытары 3 бастыҥҥа сылдьабыт. Нэһилиэнньэбит ити өрөспүүбүлүкэлэр нэһилиэнньэлэриттэн лаппа кыратын да иһин, оҥорон таһаарар бородууксуйабыт ахсаана, хаачыстыбата итэҕэһэ суох, өссө ордук. Ол иһин, кэллиэгэлэрбит биһигиттэн ыйыталлара элбэх. Холобур, Саха сирин историятыгар аан маҥнай киллэрбит электроннай азбукабытын Кытайга бэчээттэппиппит. Кэллиэгэлэрбит сүбэлэттэрэн баран, бэйэлэрин тылларынан эмиэ таһаартарбыттара. Аан дойду, Россия таһымнаах куонкурустарга, быыстапкаларга ситиһиилээхтик кыттабыт. Россия үрдүнэн Бэчээт уонна маассабай коммуникация федеральнай агентствота тэрийэр «Сыл кинигэтэ» күрэс саамай улахан наҕараадаларын иккитэ ылан турабыт.
Кыһалҕаттан өрүһүйбүт хайысхалар
Валерий Луковцев “Бичик” кинигэ кыһатын сүрүн эрэдээктэрэ:
—1990-с сылларга дойду тутула уларыйан, үп-харчы кириисиһэ буолуталаан кыһа моҥкурууттуур балаһыанньаҕа киирэ сылдьыбыта. Оччолорго салайааччынан Август Егоров 1997 сылтан ананан, күүскэ үлэлээн өрө тардыбыта. Кыһаҕа икки суруйааччы сойууһун чилиэннэригэр биир тэҥник сыһыаннаһан, саха литературатын туһугар үлэлээн-хамсаан барбыппыт. Сылга 14,5 мөл.солк. субсидияҕа көрүллэр үпкэ оҕо, уус-уран уонна хотугу аҕыйах ахсааннаах норуоттар литератураларын кинигэлэрэ, араас бэлиэ даатанан тахсар уопсастыбаннай-бэлитиичэскэй, ыйынньык, литература айымньыларын чинчийэр уо.д.а үлэлэр тахсаллар. Сайаапкаларынан тембылааҥҥа туох киирэрин Редсэбиэт быһаарар. Тембылааҥҥа хотугу норуоттар Ассоциациялара, суруйааччылар икки сойуустара уонна биирдиилээн айар, суруйар дьон киллэрэр сайаапкалара учуоттанар.
Бары хайысхаҕа болҕомтобутун уурабыт. Хотугу норуоттар литератураларыгар урут, хас да сыл баһыгар-атаҕар биирдии-иккилии айымньы, кинигэ тахсар эбит буоллаҕына, утумнаахтык бэчээттээн, алтаҕа-сэттэҕэ тиэрдэ сылдьыбыппыт. Үп-харчы көбүччү көрүллэр кэмигэр, оҕо литературатыгар 20-тэн тахса кинигэ арааһын таһаарар этибит. Ол гынан баран, оччолорго олохтоох типографиябыт кыаҕа кыра буолан, өҥнөөх кинигэ тахсыыта аҕыйах этэ. Ону сайыннарар инниттэн, дириэктэрбит Август Васильевич 2016 с. кыһа иһинэн Оҕо уонна үөрэх кинигэтин киинин тэрийбитэ. Онон оҕо кинигэтин улахан аҥаара өҥнөөх буоларын ситистибит. Электроннай сыһыарыылаах, мультимедийнэй, 3D, аудио кинигэлэр эмиэ тахсаллар. Оҕо дьоҕурун сайыннарар үлэлэр лаппа үксээтилэр. РФ бэрэсидьиэнэ Арассыыйаҕа Оҕо саас уон сылын биллэрэр туһунан Ыйааҕынан сирдэтэн, быйылгы тембылааҥҥа оҕо кинигэтин 13-кэ диэри элбэттибит.
Үлэлээн ааспыт салайар үлэһиттэргэ анаммыт кинигэлэр анал тус сыаллаах үбүнэн көрүллэн тахсаллара. Кэлин өрөспүүбүлүкэ бюджетыттан субсидияҕа көрүллэр үп кыччаан истэҕин аайы, тембылааҥҥа киллэриллэр буоллулар. Ол түмүгэр, тембылаанынан тахсар уус-уран литература, эдэрдэр, оҕо кинигэлэрэ үтүрүйтэрдилэр. Онон суруйааччылар, ааптардар субсидия кээмэйин үрдэтэргэ салалтаҕа туруорсаллар. Тэҥнээн көрдөххө, Башкортостаҥҥа сылга 100-тэн тахса, Татарстаҥҥа 60-70 мөл. солкуобай көрүллэр. Онтон биһиги икки улуус хаһыатыгар көрүллэр үпкэ таһаарабыт, бүтүн Саха сиригэр тарҕатабыт, библиотека фондатыгар хас тахсар кинигэттэн босхо биэрэбит.
Хомойуох иһин, эмиэ урукку кириисискэ майгылыыр кэмнэр кэлэн эрэр курдуктар. Ол гынан баран, биһиги кэлэктииппит уустук усулуобуйаҕа үлэлии үөрүйэх. Хаһан да бэлэмҥэ олорботохпут. Барыта үлэнэн, толкуйунан кэмигэр быһаарылларын ситиһэргэ кыһаллабыт. Маныаха салайааччыбыт сөптөөх хайысхалары кэмигэр киллэрэн, эрдэттэн сайыннаран айымньылаахтык үлэлиирэ улаханнык көмөлөстө.
Доҕоттордоох буоламмыт
Сардаана Габышева, кинигэни тарҕатар салааны салайар:
—Тааттаҕа, Чурапчыга, Майаҕа, Ньурбаҕа, Сунтаарга, Дьокуускайга маҕаһыыннаахтарын, биирдиилээн дьону, тэрилтэлэри, барыта 200-тэн тахса контрагены кытта үлэлэһэбит итиэннэ үлэлэһэр баҕалаахтарга мэлдьи наадыйабыт. Би7игини кытта тиһиктээхтик үлэлэһэр дьон баар буоланнар, кинигэ нэһилиэнньэҕэ тиийиитэ куһаҕана суох. Махтанан туран бүгүн 30-тан тахса сыл үлэлэһэр Мэҥэ Хаҥаластан 90 саастаах педагог Е.А.Захаровы, кыыһын Варвара Егоровнаны ааттыыбыт. Нам Үөдэйиттэн К.К.Эверстов 31 сыл үлэлэһэр. Дьокуускайтан 77 саастаах М.С.Иванова 30, Хаандыгаттан Г.Г.Попов—28, Нам Хамаҕаттатыттан Л.И.Эверстова—27, Сыырдаахтан 77 саастаах М.М.Колтовская—20, Покровскайтан И.А.Иванова-Карамзина— 20 сыл кинигэбитин тарҕаталлар. 16-18 сылларын атыылыыр дьонноохпут.
Кинилэргэ махтанан сыл түмүгүнэн үлэлэрин бэлиэтиибит, күрэхтэһии тэрийэбит, итиэннэ чэпчэтиинэн туһаналлар. Маны сэргэ, уонча улуус редакцията үлэлэһэр. Быйыл 1 м. “Ленский вестник” (эрэдээктэр М.Н. Олесова, Ленскэй), 2 м. “Халыма долгуннара” (эрэдээктэр Р.И.Ноговицына, Орто Халыма), 3 м. “Индигир уоттара” (эрэдээктэр М.П.Старкова, Муома) ыллылар.
Кинигэлэри массыынанан, почтанан, самолетунан ыытарга күүскэ үлэлэһэбит. Ол эрээри, ордук хоту улуустарга тиэрдии кыһалҕалаах. Аэропортары кытта үлэҕэ тырааныспар тарыыбыгар киилэтэ 300 солк. Бу суума дьыл кэмиттэн көрөн уларыйар. Ороскуокка наһаа барбат туһуттан, тыа сирдэригэр тиэрдиигэ кыһыҥҥы суолу баттаһа сатыыбыт. Өрөспүүбүлүкэ үгүс улуустарын хааччыйабыт. Тырааныспарынан тиэрдиигэ харчы көрүллүүтэ кырыымчыга мэһэйдиир.
Уус Алдан кииннэммит библиотеката (сал.В.Н.Окоемова) олус үчүгэйдик үлэлэһэр. Ону тэҥэ үөрэх кинигэтинэн Мэҥэ Хаҥалас улууһун үөрэҕин салаата (сал.И.В.Черкашина) үчүгэйдик тэрийэн, бары оскуолалар хааччыллалларын ситиһэллэр. Кинилэртэн атыттар холобур ылыахтарын баҕарабыт.
Саҥа сүүрээн
-Үлэбитин кэҥэтэн, Арассыыйа таһымыгар тахсарга холонон эрэбит. Москваҕа «Белый город» атыы-эргиэн киинэ биһигиттэн интэриниэт-маҕаһыынынан кинигэлэрбитин кыралаан атыылаһар. Ордук «Якутия» (биэс омук тылынан тахсыбыт фотоальбом), «Животные Якутии», «Карина. 12 дней в тайге», «Мамонтенок Мэник (3Д) кинигэлэри сэҥээрдилэр. Арассыыйа атын кыһаларын уус-уран, оҕо уонна үөрэх кинигэлэрин ылан манна тыа сирдэригэр тарҕатабыт. Дьон төһө сэргиирин, атыылаһарын, интэриэһин үөрэтэбит.
Түмүктээн эттэхпинэ, кинигэлэр нэһилиэнньэҕэ кэмигэр тарҕаналларыгар сырдатыы үлэтэ күүһүрэрэ наада. Итиннэ биһигини кытта хаһыаттар үчүгэйдик үлэлэһэллэр. Аны телевидение, радио өйөбүллэригэр наадыйабыт. Дьон-сэргэ төрөөбүт тылынан литератураны ааҕарын ситиһии биир эрэ тэрилтэ интэриэһэ буолбатах — бүтүн норуот, өрөспүүбүлүкэ интэриэһэ. Төрөөбүт тыл, литература дьылҕата онтон быһаччы тутулуктаах.
Дьон баҕатын учуоттаан
Надежда Андросова, ааҕааччы киэҥ араҥатыгар туһуламмыт литература редакциятын сэбиэдиссэйэ:
— Литератураны сайыннарар, дьон болҕомтотун тардар, суруйар дьону көҕүлүүр, үүннэрэр туһуттан ааҕар кинигэлэри бэйэбит суоппутугар бэчээттээн таһаарабыт. Холобур, 2013 сыллаахха муҥутаан 32 ааҕар кинигэ арааһын таһаарбыппыт. Кэлиҥҥи сылларга кириисис дьайыытынан 2016 — 9, 2017 – 5 кинигэ буолбута. Уон сыл иһигэр уопсайа 200-тэн тахса ааҕар кинигэни таһаардыбыт. Ол иһигэр классиктар үлэлэрэ, суруйааччылар сойуустарын чилиэннэрэ икки өттүттэн биэс уончалыы кинигэ күн сирин көрбүтэ. Эдэрдэри, ааҕааччыга тиийэ, биллэ илик айымньылаах ааптардары өйүүбүт.
Ол гынан баран, ааҕар кинигэ атыыга барыыта бытаан, 4-5 сылынан биирдэ эргийэр. Оттон биһиги үлэбит биир сиргэ туруо суохтаах. Ааҕааччы ирдэбилигэр сөптөөх, наадыйар кинигэтэ баар буолан иһиэхтээх. Ол иһин барыларыгар тиийдин диэн ааҕан-суоттаан оҥоробут. Ахсаанын олус кыччаттахха, кинигэ сыаната ыараан дьон кыайан атыыласпат буоларыгар тиэрдэр. Кинигэ атыыга барыытынан көрдөххө, дьон ордук билиҥҥи кэм, тыа сирин олоҕун туһунан, олоххо-дьаһахха туһалаах, булка-алка сыһыаннаах кинигэлэргэ наадыйар.
“Бичик” кинигэ кыһата төрөөбүт тылбытынан суруллубут айымньылары тиһиктээхтик таһаарарга бары кыһамньытын уурар. Төрөөбүт тыл кэрэтин, сүмэтин харыстаан, бүөбэйдээн кэлэр көлүөнэҕэ тиэрдии — кыһа сүрүн соруга.
This post was published on 09.02.2018 12:12 12:12