22 Сэтинньи 22.11
  • -28°
  • $ 100,68
  • 106,08

"Бэйэ дьоно": Балыыһа «генерала» Прокопий Дьячковскай

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Хомсомуол Саха уобаластааҕы тэрилтэтэ Саха судаарыстыбаннай университетыгар медицинскэй факультекка үөрэнэр ыччаттартан биэс уолу талан, Иркутскайга медицинскэй институкка үөрэттэрэ ыыппыта. Кинилэр истэригэр Уус Алдан Суоттутуттан төрүттээх Прокопий Дьячковскай баара. Оччолорго үрүҥ халааттаах аанньал идэтин талбыт ыччаттарга интернатура көрүллүбэт буолан, Прокопий 5 сыл үөрэнэн, идэ ылан дойдутугар төннүбүтэ. 


Саҥа үрдүк үөрэҕи бүтэрбит эдэр исписэлииһи Прокопий Дьячковскайы Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин бирикээһинэн, Таатта улууһун (оччолорго Алексеевскай) стоматологынан анаабыттара. 1969 с. улуус кылаабынай бырааһынан бигэргэммитэ. Биир сылынан Казань куоракка быраастар идэлэрин үрдэтэр институкка социальнай гигиенаҕа 4 ыйдаах бэлэмниир кууруска анаан-минээн үөрэтэ ыыппыттара. Ол кэмтэн ыла үйэ аҥаара кэм ааста. Ол эбэтэр, Прокопий Дьячковскай тыа сирин доруобуйатын харыстабылын тэрийэр эйгэтигэр олоҕун улахан аҥаарын анаата. Бэйэтэ, туһунан рекорд.

Илин эҥээр улуустарын балыыһаларын хас да көлүөнэ кылаабынай быраастарын уһуйбут Прокопий Дмитриевичтэн оччотугар доруобуйа харыстабылын хас миниистиригэр үлэлээбитин ыйыттым. Онуоха: «РСФСР уонна САССР үтүөлээх бырааһа, министиэристибэни 1965-1984 сылларга салайбыт Прокопий Петров бирикээһинэн анаммытым. Михаил Охлопков — сэттис миниистирим», – диэн хоруйдаата.

Үлэ уустуктара

Илин эҥээргэ бастакы таас балыыһа Таатта улууһун киинигэр Ытык Күөлгэ тутуллубутунан доруобуйа харыстабылын историятыгар киирбитэ. Итиниэхэ түс-бас салайааччы улахан оруоллааҕа сэрэйиллэр. Ол гынан баран, Прокопий Дмитриевич арыый атын түгэни ахтан ааста. Ол үлэлии олорбут балыыһалара 1983 с. саахалланар туруктанан сабыллыбыта буолар. Балыыһа отделениелара санитарнай-эпидемиологическай өттүнэн эппиэттээбэт дьиэҕэ-уокка көһөн үлэлииргэ күһэллибиттэрэ. Ити түмүгэр саҥа төрөөбүт икки оҕо ыалдьыбытыттан, биирэ кыайан быыһамматаҕа. Улуус балыыһаларын тутан олорор эппиэтинэстээх салайааччыны тута Дьокуускайга, онтон Москваҕа суһаллык хамыыһыйаҕа ыҥырбыттара. Прокопий Дьячковскайы кылаабынай бырааһыттан солбуйааччы дуоһунаһыгар көһөрбүт​тэрэ. Ол да буоллар, Ытык Күөлгэ 50 куойкалаах таас балыыһа комплексын тутууга харчы көрөргө быһаарыы Москваҕа ылыныллыбыта уонна тутуллан 1989 с. үлэҕэ киирбитэ. 1991 с. кини төттөрү кылаабынай бырааһынан анаммыта.

— Прокопий Дмитриевич, ити ыарахан кэмнэри хайдах аһарынан, салгыы үлэлээн барбыккыный?

— Мин айылҕаттан оптимист соҕуспун. Кылаабынайа, миэхэ үлэлиир кэлэктиибим итэҕэлин сүтэрбэтэҕэ, күн бүгүҥҥэ диэри кэлэктииппэр тирэҕирэн кылаабынай бырааһынан үлэлээн кэллим. Соҕотох киһи тугу да оҥорбот, күттүөннээҕи ситиспэт. Кылаабынайа, эн кэлэктиипкин кытары тапсан үлэлиэхтээххин, кинилэр кыһалҕаларын өйдүөхтээххин, туруоруллубут сыалы-соругу биир санаанан ситиһиэхтээххин. Онон, улахан охсууну ылбатаҕым эрээри, баттаҕым кыратык маҥхайбыта буолуо.

Чэпчэки аптарытыат киһини киэргэппэт

— Эйигин биир идэлээхтэриҥ «хамандыыр” да, “генерал” да дииллэр эбит. Тоҕо?

— Ити ытыктаан ааттыыллар (күлэр — ааптар). Билиҥҥи үйэҕэ дьону куттаан дуу, суоһурҕанан дуу үлэлэппэккин. Үлэ диэн үлэ, хайдах куруук төбөлөрүттэн имэрийэ сылдьыаххыный? Ол гынан баран, киһи дьоһунун хаһан да түһэриллибэт. Сыыспыт да, буруйдаах да буоллаҕына, кини – киһи. Уонна биир тутуһар тускулум – киһини хаһан да атын киһи баарына сэмэлээбэт, мөхпөт этим. Оччоҕо санитарка да буоллун, быраас да буоллун, бэйэ-бэйэлэригэр убаастабыл баар буолар. Быраастарбын нэһилиэнньэ истэригэр эмиэ хаһан да саҥарбат этим. Үлэһиккин дьон иннигэр мөҕөн чэпчэки аптарытыаты ылыы, мин санаабар, сыыһа.

— Билигин Саахал медицинатын өрөспүүбүлүкэтээҕи киинин кылаабынай бырааһын солбуйааччы буолаҕын.

— Билиҥҥи үлэм эмиэ ураты ирдэбиллэрдээх, ыарахаттардаах даҕаны. Үксүгэр күн-дьыл туругуттан тутулуктаах. Холобур, хотугу улуустарга күн-дьыл мөлтөөтөҕүнэ, киэһэ хараҥардаҕына, ыксаллаах ыарыһахха кыайан көппөккө хаалыахха эмиэ сөп. Ханнык баҕарар суһал ыҥырыыга анал бэлэмнээх быраастар; анестезиолог, фельдшер, сиэстэрэ, акушер, эчэйии баар буоллаҕына, хирург, уо.д.а. көтөллөр.

«Олоҕум дьоло – кэргэним»

— Бэйэтэ нуучча тылын учуутала идэлээх, кэлин кэтэхтэн юрист идэтигэр үөрэммит кэргэним Дора Алексеевна олоҕун барытын миэхэ анаата. Мин түүн да, күнүс да кэлиим, сылаас чэйдээх үөрэ-көтө көрсөр. Инньэ гынан, кэргэммэр оҕо курдук атаахтаан баччааҥҥа диэри үлэ​лии-хамсыы сырыттаҕым дии. Кэргэним рентген-сулууспаҕа үлэлээбит буолан, Таатта дьоно-сэргэтэ кинини ​миигиннээҕэр үчүгэйдик билэллэр. Сааһыран истэхпит аайы, өйдүүн-санаалыын биир буолан иһэбит. Олоҕуҥ аргыһа аттыгар суох буоллаҕына, тулаайахсыйа түһэҕин. Уопсайынан, эр киһи кэргэнин үрдүктүк тутуохтаах. Мин сааһым тухары кэрэ аҥаардары кытары үлэлээтим. Балыыһам 98 бырыһыана дьахтар аймах этэ. Инньэ гынан кинилэри убаастыыбын, эппит тылларын ытыы-ытыы да толоро турар күүстээх санаалаах дьон.

— Уолаттаргыт дуоһунастаах үлэлээх, дьоҥҥо-сэргэ биллэр дьон буолбуттар. Кинилэр эйигиттэн сүбэ-ама ылаллар дуу?

— Уолаттарым Алексей Прокопьевич – СӨ бырабыыталыстыбатын бэрэссэ​дээтэлин солбуйааччы, Дмитрий Прокопьевич – Дьокуускайга мировой судьуйа. Кылаабынайа, оҕо бэйэтин эйгэтигэр көрөн үөрэнэр. Иллээх-эйэлээх дьиэ кэргэҥҥэ үөскээбит оҕо сымнаҕас майгылаах, бэйэтигэр эрэллээх буолар быһыылаах. Биллэн турар, дьиэ иһигэр кыра киҥир-хаҥыр саҥарсыы баар буолуо гынан баран, оҕолорбут истэллэригэр улаханнык кыыһырсыбатахпыт. Кэргэмминиин наар балыыһа түбүктээх үлэтигэр сылдьыбыт буоламмыт, уолаттарбытынан анаан-минээн дьарыктамматахпыт, эдэр дьон суолларын бэйэлэрэ соломмуттара. Биһиги онтон үөрэбит эрэ. Кыахпыт баарынан сүбэлиибит. Киһи көрө-көрө манньыйар, минньийэр алта сиэннээхпит, биир хос сиэннээхпит.

— Олоҕуҥ улахан аҥаара ааспыт Таатта улууһугар тапталгын хоһуй ​дииллэрэ буоллар, ханнык тыллары аныаҥ этэй?

— Таатта бэйэтэ киһи эрэ сатаан хоһуйа охсубат ураты айылҕалаах, үтүө дьон​ноох-сэргэлээх, киһи ис-иһиттэн сырдаан тиийэр сирэ. Ытык Таатта улууһугар үлэлээбиппинэн уонна суолбун хаалларбыппынан дьоллоохпун. Таатта кыраныыссатыгар тиийдэхпинэ, салгынныын атын курдук. Бу салгына ырааһа, бу сибэккилэрэ элбэҕэ, бу үрүйэлэрэ үгүстэрэ – маннык айылҕалаах атын кэрэ дойду баара буолуо дуо дии саныыгын. Сайын аайы Тааттаҕа даачабытыгар тахса турабыт.

— Бу олоххор саамай тугунан киэн туттаҕын?

— Бар дьонум ытыктабылын ылыым – мин киэн туттуум. Тааттаҕа тиийдэхпинэ киһи барыта эйэргэһэр, манна кэллэхпинэ, бииргэ алтыспыт дьонум үөрэ көрсөр. Инньэ гынан, син куһаҕана суохтук олорбут эбиппин дуу дии саныыбын. Ыарахаттар да хайаан суох буолуохтарай?! Этэллэрин курдук, олох олоруу – көнө хонууну туорааһын буолбатах, оҥхойо, аппата-дулҕата син биир баар. Онно бүдүрүй​бэккэ баран иһэр буоллаххына – эн дьолуҥ. Биһиги төрүппүт 1916 с. таҥара дьиэтигэр сүрэхтэнэн, Диодор Дьячковскай диэн ааты-суолу ылбыта, быйыл 201 сылын туолла. Онтон ыла Дьячковскайдар удьуор күн бүгүҥҥэ диэри уруу-аймах тэнийэр.

ДЬЯЧКОВСКАЙ ПРОКОПИЙ ДМИТРИЕВИЧ доруобуйа харыстабылын сайдыыта уонна нэһилиэнньэ доруобуйата эмчиттэр бастакы сүһүөх звеноларыттан улахан тутулуктааҕын тоһоҕолоон бэлиэтиир. «Нэһилиэнньэ доруобуйатын учаастактааҕы балыыһалар, фельдшер-акушер пууннарын, улуус киин балыыһаларын эмчиттэрэ тутан олороллор. Ити сулууспа үчүгэйдик үлэлиир буоллаҕына, сүнньүнэн доруобуйа харыстабыла сайдар, ыксаллаах быһыы-майгы сотору-сотору тахса турбат”, – диир. Ол да иһин, 1990-с сылларга Арассыыйа Доруобуйатын харыстабылын министиэристибэтэ бигэргэппит нуорматынан кырыы сытар нэһилиэктэр учаастактааҕы балыыһаларын аҕыйатыы, сабыы саҕаламмытыгар, СӨ бырабыыталыстыбата күүскэ үлэлээбитэ. П.Д. Дьячковскай үгүс учаастакка бу дьаһалы олоххо киллэрии дьон-сэргэ доруобуйатыгар ыар охсуулаах буолуоҕун итэҕэтэн, Ил Түмэн сессиятыгар, бырабыыталыстыба мунньаҕар хаста да тыл этэн туруорсубута.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА