Дьокуускайга. Билбэт киһигин дьиэҕэр аҕалар сэрэхтээҕин бу түбэлтэ туоһулуур. Ыам ыйын 6 күнүгэр эмсэҕэлээччи уол биир эдэр киһилиин уулуссаҕа билсэн, арыгы испиттэр. Салгыы дьиэтигэр ыҥырбыт. Түүн дьиэлээх хаһаайын утуйа сыттаҕына, ыалдьыта кини икки суотабай төлөпүөнүн уоран баран, атахха биллэрбит. Саҥа билсибит киһитин аатын эрэ өйдөөн хааллар, оперативниктар уорбаланааччыны туппуттар – Хаҥалас улууһуттан төрүттээх, урут уорууга түбэһэн сууттана сылдьыбыт 21 саастаах уол эбит.
Оттон ыам ыйын 3 күнүгэр эмиэ бииргэ аһааһын түмүгэр, оптуобус суоппарыттан 50 тыһ. солк. уорбуттар. Бу киһи бырааһынньыктааҕы остуолугар доҕотторун эрэ буолбакка, ыалларын эмиэ ыҥырбыт эбит. Харчылаах кумааһынньыгын, кини утуйа сыттаҕына, сойбоппуттар. Уорбаланааччыны нэдиэлэ буолан баран, туппуттар. Киин куорат 29 саастаах олохтооҕо уорбут харчытын барытын туттубут.
Оттон ыам ыйын 14 күнүгэр Дьокуускай куорат оҕо саадтарыттан биирдэстэригэр, онно үлэлиир дьахтар суумкатыттан 13 тыһ.солк. уорбуттар. Көрүдүөргэ баар видеокамера көмөтүнэн уорбаланааччы кимэ биллибит – аҕыйах ый анараа өттүгэр хаайыыттан босхоломмут 33 саастаах киһи эбит. Бэйэтэ быһаарбытынан, оҕо саадыгар үлэ көрдөһө кэлбит, сэбиэдиссэйи кабинеттарынан көрдүү сылдьан, хараҕа таах сытар суумкаҕа кэтиллэ түспүт. Уһуннук толкуйдуу барбакка, суумкаттан харчыны уоран, онон арыгы уонна бородуукта ылыммыт. Хаайыыттан тахсыаҕыттан ити курдук бытархай уорууларынан дьарыктана сылдьыбыт.
Итиниэхэ маарынныыр өссө биир түбэлтэ. Хаайыыттан 2013 сыллаахха босхоломмут 52 саастаах киһи кэлиҥҥи ыйдарга маҕаһыыннартан ыарахан сыаналаах сакалааттары уонна кофены уоруунан дьарыктаммыт. Олорун чэпчэки сыанаҕа батартыыр эбит. Бэһис маҕаһыыныттан уоруутугар ити түбэспит.
Кэбээйигэ. Бу дьыл кулун тутар 20 күнүгэр Сангаар олохтооҕо полицияҕа эрийэн, кини дьиэтиттэн уоруу тахсыбытын иһитиннэрбит. Бу уорууга уорбаланан, Сангаар 24 саастаах олохтооҕо тутуллубут. Бу урдус урут эмиэ уорууга уонна халааһыҥҥа түбэһэн, сууттана сылдьыбыт.
Бэйэтэ билиммитинэн, ол түүн дьиэтин подъеһыгар арыгылыы олорон, аттынааҕы дьиэҕэ олорор билэр киһитигэр бара сылдьарга быһаарыммыт. Онно тиийэн, подъезка киирэн, биир кыбартыыра аана аһаҕаһын өйдөөн көрбүт. Уоруйахха эгэ эрэ – туох да харгыһа суох, иһирдьэ киирэн, биир хоруопка “тушенканы”, “Айфон” суотабай төлөпүөнү, «Икс-бокс» оонньуур приставканы уонна докумуоннардаах кумааһынньыгы кыбынан тахсыбыт. Дьиэлээх хаһаайын ол кэмҥэ утуйа сыппыт. “Түүҥҥү уллуҥах” Дьокуускай куоракка кэлэ сылдьан, суотабай төлөпүөнү атыылаабыт, “тушенканы” сиэбит, докумуоннардаах кумааһынньыгы бырахпыт.
Оттон ыам ыйыгар Сангаар олохтооҕо кыыс суумкатыттан 15 тыһ. солк. сыаналаах “Самсунг” төлөпүөнү уорбуттар. Кыыс суумкатын аптекаҕа умнан кэбиспитин, биир киһи киирэн кэлэн, ону өйдөөн көрөн, төлөпүөнүн сойбоппут. Бу уорууга уорбаланан, 47 саастаах киһи тутуллубут. Уопсастыбаннай миэстэҕэ итирик сылдьарын иһин куруук полиция отделыгар аҕалыллар бу киһини билэр дьонун дьиэтиттэн туппуттар. Уоруллубут төлөпүөнү сөбүлүүр дьахтарыгар бэлэхтээбит эбит.
Алдаҥҥа. 72 саастаах оҕонньор 1500 солк. ылан, ол-бу атыылаһа барбыт. Биэнсийэтин ордугун, 11 тыһ. солк., остуолун сабыытын анныгар укпут. Эбиэттэн киэһэ кэлбитэ – түннүгэ алдьаммыт, харчыта суох. Полицияҕа тыллаабыт. Оперативниктар икки чааһынан уорбаланааччыны туппуттар – Новосибирскай уобаластан төрүттээх, ханна да үөрэммэт уонна үлэлээбэт 21 саастаах уол бу оҕонньорго кэлэр-барар эбит. Уоруллубут харчыны былдьаабыттар.
Бу чахчыларынан “Уоруу” ыстатыйанан холуобунай дьыалалар тэрилиннилэр.
This post was published on 18.05.2016 14:59 14:59