Бэс ыйын 3 күнүгэр, «Туймаада» стадиоҥҥа «Бегущая Лена — 2023» экологическай сүүрүү ыытылынна. Быйыл сүүрүүгэ 450 кэриҥэ киһи кытынна.
Сүүрүү 18 хайысхатыттан саамай элбэх сайаапка «18-35 саастаах дьахталларга 3 км уһуҥҥа» уонна «дьахталларга 18-35 саастаах дьахталларга 5 км уһуҥҥа» киирдэ. 3 км уһуҥҥа — 86 кыттааччы, 5 км— 76.
Сүүрүү хас биирдии кыттааччытыгар стартовай нүөмэр уонна элбэхтэ туттуллар уу бытыылката бэрилиннэ.
“Мин урут уруккуттан бэйэм сөбүлээн сүүрэбин эрээри, бу хайысханан туохха даҕаны кытта илик эбиппин, киһи өйдөөн хаалар гына туох даҕаны мэтээлим да суох эбит диэн санааттан, бэйэбин тургута таарыйа кыттарга санаммытым. Үчүгэйэ диэн манна кыттар буоллаххына, аатырбыт тренердэр босхо эрчийэллэр. Холобур, быйыл биһигини Наталья Сотникова уонна Роман Саввин нэдиэлэҕэ 2-3 эрчийбиттэрэ. Мин үлэбиттэн ыктаран сорох бэлэми көтүппүтүм, ол да буоллар киһи биир да дьарыкка сырыттаҕына, элбэҕи эбинэр, ылынар эбит дии санаабытым. Күүстээх уонна интэриэһинэй дьарыктары ыыппыттара”, — диэн Дьокуускайтан сүүрүү кыттыылааҕа Мария Романова кэпсиир.
Сүүрүүгэ бэлэм
Быйылгы тэрээһиҥҥэ дьүөгэбин кытары регистрация саҕаланаатын кытары кулун тутарга суруттарбыппыт. Муус устарга уоппускам буолан, үчүгэйдик дьарыктамматаҕым, ол эрээри 5 км уһуну син кыайар инибин диэн бэйэбэр эрэллээх этим. Элбэх киһи “5 км диэн төһөнүй?” диир, бу “Туймаада” стадиону 12 эргийбит курдук уһуннаах.
Сүүрүү күнэ
Миэхэ сүүрүүм ыараханнык саҕаламмыта, кыра долгуйуу да баара, төһө даҕаны ыам эрэ ыйыгар күүстээхтик бэлэмнэммитим иһин, син олоҕум тухары сүүрүүнэн дьарыктанан кэллэҕим, ол үлэм түмүгүн көрдөрөр тэрээһин буолан буолуо. Киһи куорат устун, эбэтэр пааркаҕа сүүрдэҕинэ, 5 км биллибэккэ аһардар, онтон стадиоҥҥа эргиир оҥорор буоллаххына, санааҕар элбэх курдук. Ол иһин мин эргиирбин кэнниттэн аахпытым 12,11,10, 9… тус бэйэбэр инник аахтахпына эргиирим аччаан иһэр курдук буолан чэпчэки этэ.
Сүүрүү түмүгэ
Мин сүүрүүнү кыайарга дьулуспатаҕым, тус сыалым диэн – суруттарбыт дистанциябын этэҥҥэ түмүктээһин. Бэйэбэр туруоруммут сыалбын толордум, 5км уһуну 29 мүнүүтэнэн сүүрдүм.
Санатан эттэххэ, экологическай сүүрүү сүрүн соруга диэн, Өлүөнэ өрүс экологиятыгар болҕомтону тардыы, уһун дистанцияҕа сүүрүүнү уонна сүүрүүнү популяризациялааһын, чөл туругу, олоҕу тутуһуу буолар.