Трискайдекафобия — бу бээтинсэ, 13-һэ күнтэн куттаныыны ааттыыллар. Аан дойдуга тарҕаммытынан, бу күн сатанымыы күнүнэн биллэр. Бээтинсэ, 13-һэ күҥҥэ аан дойду үрдүнэн 800 мөл. дуоллар харчы эргиирэ тохтуур эбит. Бу дьон куттанан маҕаһыыҥҥа сылдьыбаттарыттан, күүлэйдээбэттэриттэн, бааҥҥа харчы укпаттарыттан буолар үһү.
Аан дойду историятын хасыһан көрдөххө, бээтинсэ, 13-һүгэр араас түбэлтэ бөҕөтө буолбут эбит. Көннөрү түбэһэн хаалыы дуу, эбэтэр, кырдьык, бу күн куттаныахпытын куттанабыт дуу?
Аан дойду иккис сэриитин кэмигэр, 1940 сыл балаҕан ыйын 13 күнүгэр ньиэмэс сэриилэрэ биэс буомбаны быраҕан, Букингемскай дыбарыаһы эстэрбиттэрэ.
Англияҕа Lowestoft Seafront Air диэн шоу кэмигэр 13-саастаах оҕоҕо чаҕылҕан кэлэн түспүт. Бу кэмҥэ уолчаан суончук тутан турбут эбит.
2012 сыллаахха тохсунньу 13 күнүгэр «Коста Конкордия» (Costa Concordia) лайнер Италия кытылыгар тимирбитэ. Бу суудуна тимириитигэр аатырбыт «Титаник» алдьархайынааҕар элбэх киһи суорума суолламмыта.
1939 сыллаахха тохсунньу 13 күнүгэр Австралияҕа хаһан даҕаны буолбатах улахан баһаар саҕаламмыта. Манна 700 олорор дьиэ умайбыта, 71 киһи өлбүтэ, 575 га сир уокка былдьаммыта.
Уругвайтан Чилигэ көтөн испит сөмөлүөт алдьанан Анды хайаларыгар түспүт. Быыһыыр сулууспа уон хонук көрдөөн сөмөлүөтү булбатах. Арай, бу кэнниттэн 72 чаас буолан баран сөмөлүөт икки пассажира чугастааҕы сэлиэнньэҕэ кэлбиттэр, хаар анныгар өссө 16 киһи хаалбытын иһитиннэрбиттэр.
1970 сыллаахха сэтинньи 13 күнүгэр Бангладешка Bhola циклон түһэн, цунами кэлэн, 500 тыһ. киһи өлбүтэ. Маны таһынан, 90% сүөһү суох буолбут.
1989 сыллаахха тохсунньу 13 күнүгэр Англияҕа көмпүүтэр вируһа баар буолбут. Туох баар көмпүүтэрдэргэ хараллан сытар докумуоннары сотторбут, үлэни атахтаабыт.
edersaas.ru
This post was published on 13.07.2018 13:04 13:04