Уус Алдан улууһун Бээрийэ нэһилиэгэр ыһыах дьон-сэргэ үрүҥ тыынын өрүһүйбүт экономическай маҕаһыын 125 сылыгар анаммыт. Түһүлгэҕэ мустаннар бээрийэлэр уруккуну-хойуккуну долгуйа ахтыбыттар.
Нэһилиэк бибилэтиэкэрэ Туйаара Васильева кэпсээбитинэн, атыы-эргиэн эйгэтигэр аналлаах бэртээхэй куонкурус тэриллибит. Онно дьон-сэргэ ууруна сылдьыбыт малларын-салларын аҕалан көрдөрүүгэ туруорбуттара болҕомтону тардыбыт.
«Куонкуруска «Сарыал», «Чэчир», «Сардаана», «Сир симэҕэ» түөлбэлэр кытыннылар. Бастакы түһүмэх лааппыларын киэргэтиигэ ананна. Салгыы Сэбиэскэй кэмҥэ атыыга киэҥник тарҕаммыт табаардарын, оччотооҕу сыаналарын ыйан туран, сырдаттылар. Онтон атыыһыт эбэтэр атыылааччы туһунан хоһоон айыыта эмиэ ураты сэргэх буолла. Маннык куонкурус аан бастаан тэрилиннэ. Дьон улаханнык сөбүлээтэ, сэргэхсийдэ»,- диир үөрбүт быһыынан Туйаара Антоновна.
Талбыт табаардаах лааппыларга 1954 сыллааҕы ыраас спирт, отучча сыллааҕыта атыыламмыт чэйдэр, миэбэллэр, таҥас-сап, радиолалар, магнитофоннар, былыргы киинэлэр проектордара, оонньуурдар араастара, о.д.а. мал-сал аҕалыллыбыттар. Күрэстэһии түмүгүнэн «сарыаллар» кыайыылааҕынан тахсыбыттар, атыттар биһирэбилгэ тиксэн үөрбүттэр.
Долгутуулаах тэрээһин түһүлгэтигэр маҕаһыыҥҥа саамай уһуннук үлэлээбит 48-с №-дээх Бээрийэ маҕаһыынын сэбиэдиссэйин, потребкооперация туйгунун Харитина Андрееваны киэн тутта ааттаабыттар. «Харитина Степановна суол куһаҕаныттан иҥнибэт этэ. Бөртөлүөт, грузовой массыына кэпсэтэн, Суоттуттан, Дьокуускайтан ас-үөл, табаар эгэлгэтин аҕалара. Оччолорго маҕаһыыммыт улууска саамай үрдүк көрдөрүүлээҕинэн аатырара»,- диэн махтаммыттар. Атыы-эргиэн эйгэтигэр бэриниилээхтик үлэлээбит сэрии бэтэрээннэрин Иван Заболоцкайы, Прокопий Попову, Алексей Саввины, икки Константин Васильевтары, Егор Бочкареву, Петр Васильевы, өр үлэлээбит Зинаида, Татьяна, Раиса Васильевалары киэн тутта ааттаабыттар. Атыыһытынан үлэлээбиттэргэ аналлаах планшеты сирийэн көрбүттэр, аахпыттар.
Бу күн Зинаида Васильеваҕа «Бээрийэ нэһилиэгин бочуоттаах гражданина» ааты, Харитина Андрееваҕа «Бээрийэ нэһилиэгин социальнай-экономическай сайдыытыгар кылаатын иһин» бэлиэни, Раиса Васильеваҕа Бочуотунай грамотаны уруйунан-айхалынан арыаллаан туттарбыттар.
This post was published on 29.06.2016 14:55 14:55