Бэдьимэҕэ Борисовтар үүт туттарбыттара 43 сыл буолла

48 ынах-сүөһүлээх, 49 сылгылаах Бэдьимэ олохтоохторо Анна Ильинична, Григорий Григорьевич Борисовтар «Ил» бааһынай хаһаайыстыбалара 1992 сыллаахха тэриллэн, күн-бүгүн нэһилиэк биир тутаах, бас-көс хаһаайыстыбатынан биллэр.


24 сыл бааһынай хаһаайыстыбатын тутан кэллибит. Оччотооҕуга биэнсийэҕэ сиирэ-халты тахсан эрэр этибит. билигин 70 сааспытын аастыбыт. Хаһаайыстыбабытыгар алта ыал кыттыһар, бары бэйэлэрин хотоннорунан көрөллөр. Биһиэхэ бэйэбитигэр 16 сүөһүлээхпит, билиҥҥитэ 4 ньирэйдээхпит. Сылгы төрүөҕэ быйыл ортотунан. Оттуурбутугар бары кыттыһабыт, сыллата 90-тан тахса туоннаны булунабыт. Анал биригээдэ баар буолан кыһынын тыраахтарынан оппутун тиэйтэрэбит, ‒ диэн хаһаайыттар кэпсииллэр.

Ыал аҕа баһылыга Григорий Григорьевич урут тутууга да үлэлээбит, суоппардаабыт, сылгыһыттаабыт. Борисовтар түөрт оҕолоохтор. Оҕолоро бары үөрэхтэнэн бүддьүөт эйгэтигэр үлэлииллэр. Онон билиҥҥитэ хаһаайыстыбаны салгыыр, ийэлээх аҕаларын утумнуох айылаах ыччат суох дэһэллэр. Баҕар сиэннэрбит кэлин тыа хаһаайыстыбатыгар сыстаҕас дьон буолуохтара диэн эрэнэллэр. Оттуурга улахан дьиэ кэргэн бука бары көмөлөөн үлэлиллэр.

Үүттэрин «Манчаары» ТХПК-ҕа туттараллар. Кэнники үбү-харчыны быһалыы ыытар буоланнар, кэпэрэтиип абыраабыт. Ол эрээри 100 тыһыынча кэриҥэ солкуобайы, 80-ча киилэ арыыларын ыла иликтэр эбит.

Борисовтар Бэдьимэҕэ олохсуйуохтарыттан 43 сыл кэриҥэ үүт туттарбыттар.
Хайдах урут үлэлии-үлэлии сүөһү көрө сылдьыбыппытын билигин сөҕөбүн. Сүөһү ахсаана урут өссө элбэх этэ. Эдэр буолан сырыттахпыт. Өссө ол сылдьаммыт кыра сиэннэрбитин көрөрбүт. Онно тэҥнээтэххэ, билигин хотоммутун эрэ көрөбүт. Сорох хаһаайыттар сайынын сүрэҕэлдьээн ынахтарын ньирэйдэрин кытта хонууга ыытан кэбиһэллэр итиэннэ бэйэлэрэ үүт ас сиэбэккэ, оҕолорун кэлии арыынан аһаталлар. Итинник дьаһанан олороллорун дьиибэргиибин. Биһиги сиэннэрбитигэр төһө кыалларынан үрүҥ аһы сиэтэ сатыыбыт. Бэйэбит даҕаны иэдьэгэйинэн, суоратынан аһыырга кыһаллабыт, ‒ диир уруккута медик идэлээх Анна Ильинична.

Бөһүөлэк киинигэр олорор буоланнар, дьиэлэрин тулата барыта ыал. Онон ынахтара уулуссанан, киһи сылдьар кэлииккэтинэн, тэлгэһэ иһинэн киирэллэр-тахсаллар. Ол эрээри ынах сылдьан тэпсибит сирэ диэн тэлгэһэҕэ суох. Барыта ып-ыраас, күп-күөх хонуу.
Сылгылаах буоламмын, балбааҕы сыарҕаҕа тиэйэммин тута таһан кэбиһэбин, онон саас хаар ууллуута ол кыһалҕа турбат. Хата, төннөн иһэн тэлиэгэбэр муус тиэйэн аҕалабын, ‒ диэн Григорий Григорьевич кэпсиир.

Уопсайа 48 гектардаах сиргэ оттууллар. Сорох ходуһалара алаас сир, сорохторо от үрэххэ, Баатараҕа, Дьаҥхаадыга, Долооҥҥо бааллар. 20-тэн тахса биэрэстэлээх тэйиччи сытар сиргэ баран эмиэ оттууллар.
Билиҥҥи ырыынак үйэтигэр сүөһүлээх олус үчүгэй. Сүөһүлээх буоламмыт 4 оҕобутун үөрэттэрэн, киһи хара оҥортоотубут, бары үлэһит буоллулар. Аны сиэннэрбитин иитиигэ көмөлөһөбүт. Судаарыстыба өртүттэн көмө олох суох буолбатах, 2010‒2012 сс. кураан дьыл буолбутугар сүөһү эбии аһылыгынан хааччыйан, Бүлүү бөлөх улуустарыттан от бөҕө кэлбитэ. Арай кумааҕынан үлэ, дьыала-куолу өртүгэр ирдэбил арыый да сымныыра буоллар өссө үчүгэй буолуох этэ, ‒ диэн кэпсээннэрин Борисовтар түмүктээтилэр.

This post was published on 07.06.2016 15:26 15:26