Ленскэй оройуонун Бэчэнчэтигэр бырабыыталыстыба отчуотугар мобильнай сибээс, суол, доруобуйа харыстабылын киинин уонна авиабилеттар тустарынан кэпсэттилэр, СИА-ҕа регион салалтатын пресс-сулууспата суруйда.
Бэчэнчэҕэ 700-тэн тахса киһи олорор. Оройуон кииниттэн 60 км тэйиччи. Ол гынан баран билигин да сотовай сибээстэрэ уонна мобильнай интернеттара суох. Ити эрээри ВОЛС тардыллыбыт, онон интернет дьиэлэргэ баар, дьон Wi-Fi нөҥүө кэпсэтэр.
Олохтоохторго отчуоту вице-премьер Ольга Балабкина уонна оройуон баһылыга Жумарт Абильманов туруордулар. Кинилэр сотовай сибээс, саҥа култуурунай-сынньанар киин тутуутун, Ленскэй — Дьокуускай хайысханан субсидиялаах билиэттэр, аэропорт өрөмүөнүн, Ленскэй – Мииринэй хайысханан суолу кэпсэттилэр.
Ленскэй куоратыгар аэропорт реконструкцията федеральнай бырагыраамаҕа киирэн турар. Ленскэй уонна Мииринэй ардынааҕы суол федеральнай бас билиигэ көһөрүлүннэҕинэ быһаарыллара этилиннэ.
Култуура-сынньалаҥ киинин тутуута уонна субсидиялаах авиабилиэттэр кэлэр регион бырабыыталыстыбатын мунньаҕар көрүллүөхтэрэ диэн буолла.
Жумарт Абильманов эппитинэн, Толонтон уонна Инньэлиттэн ураты бары нэһилиэнньэлээх пууннар мобильнай сибээстээхтэр. 500-кэ диэри киһилээх нэһилиэктэр 4G сибээһинэн быйыл хааччыллыахтара. «Ити эрээри Бэчэнчэҕэ 700 киһи олорор, онон бу боппуруоһу ханнык бырагыраамаҕа киллэрэн быһаарар туһунан үлэ ыытыахпыт. Ол сатамматаҕына, оройуон бюджетыттан үбүлээһини көрүөхпүт», — диэтэ быһылык.
This post was published on 14.02.2023 10:01 10:01