Саха сирин олохтоохторо 100 000 экземпляр хаһыаты уонна сурунаалы суруппуттар, олортон 78 000 тахсата сахалыы тыллаах. 3 383 хаһыаты уонна сурунаалы Саха сирин социальнай тэрилтэлэрин аадырыстарыгар «Дерево добра» аһымал акция чэрчитинэн суруттулар, диэн СИА-ҕа Арассыыйа почтатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Ону тэҥэ, почта Саха сирин саамай элбэх ааҕааччылардаах улуустарын быһаарда, онно киирдилэр: Бүлүү, Ленскэй, Мэҥэ Хаҥалас, Сунтаар, Таатта, Уус Алдан уонна Хаҥалас. Оттон саамай элбэх сурутааччылардаах өрөспүүбүлүкэтээҕи хаһыаттар уонна сурунааллар ахсааннарыгар «Кыым», «Саха Сирэ», «Якутск Вечерний», «Кэскил», «Аар тайҕа», «Байанай», «Забота- Арчы» уонна «Якутия» буоллулар.
«Биэнсийэҕэ тахсыам иннинэ почтаҕа үлэлээбит буоламмын буолуо эбитэ дуу, хайаан даҕаны сахалыы тыллаах таһаарыыларга сурутабыт. Улууспут сонуннарын түмэн таһаарар хаһыаты ордоробут. Билигин нэһилиэк сонуна үксэ бассаап нөҥүө тарҕанар, ол да буоллар, хаһыакка быдан сиһилии сурулларын сөбүлүүбүн. Онон төһө да Интернет үйэтэ буолбутун иһин, хаһыат тыа олохтоохторугар олус наада дии саныыбын. Биһиги тус кыһалҕаларбытын улуустааҕы эрэ хаһыаппыт киэҥ араҥа ааҕааччылар көрүүлэригэр таһаарар буоллаҕа», -диэн Үлэ бэтэрээнэ, Чурапчы Мугудайын олохтооҕо Дария Сивцева санаатын үллэстэр.
«Биһиги дьиэ кэргэн оҕолорбут оскуолаҕа үөрэнэллэрин саҕаттан хайаан даҕаны сахалыы тыллаах хаһыакка сурутабыт. Урут оҕо хаһыатыгар, сурунаалыгар эмиэ сурутарбыт. Мин саныахпар, сахалыы тыллаах хаһыаттар сонуну эрэ тарҕатар соруктаах буолбатахтар. Кинилэр биһиги историябын сахалыы тылынан суруйаллар, онон тылы үйэтитиигэ эмиэ үлэлэһэллэр. Билигин оҕолор сонуну социальнай ситимнэргэ киирэн ааҕаллар, эбэтэр видео көрөллөр, ол иһин кэлиҥҥи кэмҥэ төрөөбүт тылын билбэт оҕо элбээтэ диэн, бэлиэтии көрөбүн. Сахалыы тылы өрө тутар, үйэтитэ сатыыр бэчээт үлэһиттэрин идэлээх бырааһынньыктарынан эҕэрдэлиибин уонна өссө элбэх сурутааччылары, үтүө сонуннары баҕарабын!», — диэн Үөһээ Бүлүү Мэйик нэһилиэгин олохтооҕо Павлова Светлана Бэчээт үлэһиттэригэр эҕэрдэтин тиэрдэр.
This post was published on 13.01.2023 14:03 14:03