29 Кулун тутар 29.03
  • -14°
  • $ 92,26
  • 99,71

Бэҕэһээ тиит-эбэлэр уонна хоточчулар "Чохооннуун" сандал сааһы көрүстүлэр

Фото: Надежда Васильева
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

«Саха» НКИХ «Сандал саас» дьаһалын чэрчитинэн «Чохоон» оҕо ханаала Хаҥалас улууһун Тиит-Эбэ, Хоточчу сэлиэнньэлэригэр ыалдьыттаата. Манна оҕолору кытта көрсөн, дуоһуйа кэпсэттилэр.

Хоточчуга оскуола оҕолорун кытта «чохооннор» атах тэпсэн олорон кэпсэттилэр. Оҕолор сөбүлээн көрөр биэриилэрин оҥорон-тутан таһаарар эрэдээксийэ кэлэктиибигэр элбэх ыйытыы биэрдилэр. Инникитин бииргэ үлэлиир баҕа санаалаахтарын эттилэр.

«Чохоон үлэһиттэрэ оҕолорбутугар сахалыы мультиктары уонна оҕолорго аналлаах рубрикалары көрдөрдүлэр, мультиктары кимнээх, хайдах оҥороллорун кэпсээтилэр. Сахалыы мультиктары көрүҥ диэтилэр. Өбүгэбит тылын умнумуоххайын диэтилэр. Кинилэр ютуб уонна Рутуб ханаалларга көстөллөрүн эттилэр. https://youtube.com/@chokhoon, https://rutube.ru/u/Chokhoon/ сигэлэринэн киирэн көрүөххэ сөп«, — диэн санааларын эттилэр. Оҕолор маннык истиҥ кэпсэтииттэн үөрбүттэрин, халандаар, кинигэ закладката бэлэх туппуттарын кэпсээтилэр.

Эрэдээксийэ кэлэктиибэ хас биирдии оҕолоох ыал бастыҥ аргыһа «Чохоон» үтүөҕэ сирдиир аналлааҕын, Саха сирин оҕото бары «Чохоону» доҕор оҥостоллоругар баҕаралларын биллэрдилэр.

«Чохооннор» аныгыс нэдиэлэҕэ аны Майа оҕолорун кытта сандал сааһы көрсүөхтэрэ.

Санатар эбит буоллахха, муус устар 8 күнүгэр Россияҕа анимация күнэ бэлиэтэнэр. Бу күн «Чохоон» ханаалыгар элбэх мультфильм көрүөххэ сөп. «Чохооннуун» бииргэ буолуҥ.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА