Бэҕэһээ Саха сирин үгүс улууһугар дьүкээбил оонньоото

Бэҕэһээ, сэтинньи 4 күнүгэр, Саха сирин улуустарыгар дьүкээбил суһумнуу оонньообутун туһунан социальнай ситимнэргэ кэпсээтилэр. Үөһээ Бүлүү оройуонун Боотулуутугар, Көтөрдөөҕөр уонна Маҥааһыгар айылҕа дьикти көстүүтүн дьон хаартыскаҕа түһэрдэ.

Урукку өттүгэр дьүкээбил хоту эрэ оонньуур буоллаҕына, билигин киин улуустары кытта таарыйара, дьону сөхтөрөр.

This post was published on 05.11.2021 13:01 13:01