Бэҕэһээ Арыылаахха Пиэрибэй маайдаабыт саха ынаҕа бүгүн "Маай уолу" төрөттө

Дьааҥыга урукку сылларга баччаларга сир хараара куурар эбит буоллаҕына, быйыл маҥан хаарынан бүрүлүннэ. Коронавирус дьаҥын эрэһиимэ олохтоммутунан, дьон ыраас хаары түннүк нөҥүө көрөн сэргэхсийэр. Улуус кииниттэн 95 км. ыраах Арыылаах нэһилиэгэр Первэй маайга ынахтар параадтаатылар.


Бэйэ хаһаайыстыбалаах Наталья Софроновна Бурнашева ынахтарын хороҕор муостарыгар саарык, сибэкки, былаах иилэн бэҕэһээ Саас, Үлэ, Эйэ бырааһынньыгынан парааттатта. Ол үөрүүлээх түгэҥҥэ кыттыбыт, былырыын Кустууртан аҕалыллыбыт саха ынаҕа бүгүн сарсыарда 11 чааска атыыр тарбыйаҕы төрөттө, Маай диэн аат иңэрилиннэ.

Бурнашевтар 5 оҕолоохтор, түөрдэ туhунан ыал дьон, кыралара Андрей Дьааңы куоратыгар 9 кылааска үөрэнэр. Улахан дьиэ кэргэн 15 сиэннээх, 3 ынахтаах 2-тэ саха боруодата, 1 оҕус, 1 бургунас, 2 коза уонна бүгүн икки ньирэйдэригэр үhүс эбилиннэ!

Ыал аҕата Андрей Петрович 7 килэмиэтирдээх Быһыттаах сайылыгар оттуур ходуһа сирин нүөлсүтэ сылдьар. Онон сотору ынахтарын-сүөһүлэрин илдьэ дьиэнэн онно көһүөхтэрэ. Нэһилиэк баһылыга Василий Герасимович Павлов чэпчэки сыанаҕа Кытайтан быһа сакаастаан ылбыт 15 помпата нүөлсүтүү үлэтигэр улаханнык туһалаабытын, ойуур-тыа баһаарыгар абырыырын олохтоохтор махтана кэпсииллэр. Арыылаахтар быйыл да өлгөм оту ылар былааннаахтар, хойуу үүттээх саха да ынаҕа тэнийэн ходуһа ахсын хонойо хаамыа.

Наталья Софроновна өссө козатын үүтүттэн кымыстыыр, хаһаайыстыба тэринии тыа дьонун тирэҕэ буоларын этэр.

This post was published on 02.05.2020 11:54 11:54