Мииринэй оройуонун Арыылаах нэһилиэгэр ойуур баһаара олорор дьиэлэргэ түстэ. Баһаары умуруорууга Ми- 8 бөртөлүөт уонна Арассыыйа ЫБМ-ын Бе-200 сөмөлүөтэ көттүлэр, ону таһынан анал тиэхиникэ айаннаата.
Уот от ыйын 27 күнүгэр 22:45 күнүгэр бэлиэтэммитэ. Күн бүгүн күүстээх тыалтан Оччугуй-Ботуобуйа өрүһү нөҥүөлээтэ. 17 чаас көрдөрүүтүнэн өрүс кытылыгар турар биэс дьиэ умайда.
«Оройуоҥҥа баар бары күүстэр бөһүөлэккэ ыытылыннылар», — диэн Саха сирин бастакы зампреда Дмитрий Садовников иһитиннэрдэ.
Мииринэй прокуратурата бэрэбиэркэ ыытыаҕа. «Ыксаллаах быһыыга- майгыга уонна да атын боппуруостарга нэһилиэнньэни уонна сири-уоту харыстыыр боломуочуйалаах уорганнар өттүлэригэр тутуһуу баарын суоҕун сыаналаныахтара», — диэн Саха сирин прокуратуратын пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
This post was published on 28.07.2022 17:33 17:33