ЫБММ Бе-200 икки амфибия-сөмөлүөтэ бүгүн, от ыйын 22 күнүгэр, Үөһээ Бүлүү улууһугар салгыы үлэлииллэр диэн бастакы вице-премьер Дмитрий Садовников иһитиннэрдэ.
Үөһээ Бүлүү улууһугар 5 ойуур баһаара турбута биллэр, олортон 3-һэ нэһилиэнньэлээх пууннарга чугаһаабыт — Быракаан, Үөдүгэй уонна Өргүөт.
«Уустук балаһыанньа Өргүөт нэһилиэгэр бэлиэтэнэр. Бэҕэһээ ЛЭП лииньитэ умайбыт, онон сибээстэрэ суох. Өргүөттэргэ Быракаан өттүттэн атын ойуур баһаара эмиэ чугаһаата», — диэн Бырабыыталыстыба бастакы солбуйааччыта бэлиэтээтэ.
Уопсайа Үөһээ Бүлүү улууһугар уоту бохсууга 300- чэ киһи, ол иһигэр «Авиалесоохрана» 92парашютиһа уонна десантнига, 51 ойуур баһаарын сулууспатын үлэһитэ, 23баһаарынай сулууспа үлэһитэ, 10 быыһааччы,2 быыһыыр сулууспа үлэһитэ, ону кытта 100-тэн тахса мобилизацияламмыттар кытталлар.
«50-ча Тюмень парашютистара уонна десантниктара Быракаан уонна Өргүөт нэһилиэктэринэн үлэлииллэр. Күүһү уонна үбү-харчыны хаҥатыы салҕанан барар. Бүгүнонно өссө 12 ойуур баһаарынайдара тиийиэхтэрэ. Атын оройуоннартан, ол иһигэр киин улуустартан анал тиэхиньикэ ыыттылар», – диэн кини иһитиннэрдэ.
Дмитрий Садовников атын Бүлүү бөлөх улуустарынан эмиэ уустук балаһыанньа баарын бэлиэтээтэ. Баһаардар Ньурба, Сунтаар, Бүлүү улуустарыгар, итиэннэ ыаллыы сытар Горнай улууһугар бааллар. Бу хайысханан былыт баар буолаҕына, зондировщик-сөмөлүөт туһаныллыаҕа. Бастакы вице-премьер этэринэн, Өлүөхүмэ улууһугар ардах түспүтүн үрдүнэн эмиэ уустук быһыы-майгы бэлиэтэнэр. Куйаас күннэр турбуттарынан урут умуруоруллубут ойуур баһаардара төттөрү күөдьүйэллэр», — диэн кини быһаарда.
Кини этэринэн, Абый улууһугар эмиэ уустук балаһыанньа. Икки ойуур баһаара Белай Горабөһүөлэгин уонна Киэҥ Күөл сэлиэнньэтин чугаһынан бааллар. Үлэни суол-иис суоҕауустугурдан биэрэр. Урут онно 50 баһаарынай уонна быыһааччы ыытыллыбыта. Онно эбиикүүстэри ыытыы туһунан быһаарыыылылынна, суруйда Саха сирэ саайт.
This post was published on 22.07.2024 17:33 17:33