Баттаҕы кэбийии ынырык содула

Кемерово куоракка 10 саастаах кыыс оһоҕоһуттан көстүбүт эт, бэл, элбэҕи көрбүт хирурдары улаханнык соһутта. Чопчулаан эттэххэ, социальнай ситимнэргэ тарҕаммыт видеоҕа Саха сирин быраастара уустук эпэрээссийэни оҥороллоро көстөр. Эмсэҕэлээбит кыысчаан минньигэс аһылыгы, ыстыыр кэмпиэттэри, бурдук уонна сыалаах-арыылаах аһылыгы аһара сиирин куртаҕа тулуйбатах, онон аһылыга барыта баттахха кубулуйбутун курдук эбэн-сабан «быһаарбыттара».


СӨ Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин исписэлиистэрэ тута тустаах эппиэти быһааран биэрдилэр:

— Видеоҕа трихобезоар диэн киһи баттаҕыттан уонна ас сорҕотуттан үөскээбит эти ылыы эпэрээссийэтэ көстөр. Бэйэлэрин баттахтарын ыстыыр уонна кэбийэр үгэстээх дьон  куртаҕар үөскүүр. Баттах куртахха тиийэн хомуогурар уонна аһылык сорҕотугар сыстар. Ол түмүгэр куртахха кытаанах эттик – трихобезоар үөскүүр. Ардыгар маннык үөскээбит эттик синньигэс оһоҕос төрдүгэр киирэр суолу бүөлүүр, оччотугар куртахтан аһылык сыҕарыйарын бытаардар. Киһи өҕүйэр, айаҕа сыттанар. Онон, оһоҕос аһарбат буолуутун туоратар туһуттан трихобезоары хирургия көмөтүнэн суох оҥороллор», — диэн быһаардылар.

Батсаабынан «күүлэйдээбит» видео да көрдөрөрүнэн, 50 сантиметр уһуннаах үөрүгү бэрт эрэйинэн икки чаас устата эпэрээссийэлээбиттэр.

Кыысчаан иһэ күүскэ ыалдьан уонна оһоҕоһо кыайан аһарбат буолан суһаллык балыыһаҕа киирбит. Хас да төгүллээх чинчийии, лапароскопия кэнниттэн билбиттэрэ, оһоҕоско биллибэт эт баар эбит. Онон, суһал эпэрээссийэ наада буолбут. Бу эт баттахтан үөскээбит үөрүк буолан биэрбит.

Тоҕо? Туохтан?

Трихобезоар, атыннык эттэххэ, түүлээх искэн састаабыгар киһи баттаҕа, кыыл-сүөл түүтэ киириэхтэрин сөп. Маннык патология киһиэхэ (үксүгэр кыылларга баар буолар) олох сэдэхтик көстөр.  Кемерово хирурдара хас эмэ уонунан сыллар усталарыгар аан маҥнай манныкка түбэспиттэр. Онтон үс сыллааҕыта Минскэй уобалас эмчиттэрэ ыарыһах куртаҕыттан балтараа киилэ ыйааһыннаах баттах хомуогун эмиэ уон саастаах кыыстан хостообуттар.

Маннык кэһиллии үксүгэр кыргыттарга көстөр. Ол эбэтэр сорох кыргыттар ньиэрбинэйдиир эбэтэр долгуйар кэмнэригэр бэйэлэрин уоскутаары баттахтарын эрийэ-мускуйа туран уһун баттахтарыттан кыра да лоскуйу быһа тардан ыстаан кэбиһэллэр (Тыҥырахтарын кэбийэр кыргыттар курдук). Ити ыстаабыт баттахтара ханнык эрэ кэминэн куртахха мунньуллар. Ол да иһин, эмчиттэр төрөппүттэр оҕолоругар болҕомтолоох буолалларыгар, наада буоллаҕына, оҕо психиатрыгар көрдөрөллөрүгэр сүбэлииллэр.

Бэлиэлэрэ

Куртах безоара айылҕа эбэтэр синтетика төрүөттээх кыра эттиктэри ыйыстыыттан үөскүүр. Оччоҕо киһи аһыыр баҕата уостар, хотуолуур, кыратык да аһаатаҕына топпут курдук сананар.

Организмҥа атын эт үүүммүтүн эмчиттэр куртахха рентгенография уонна гастроскопия көмөтүнэн суох оҥороллор. Ыарыһахха бу кэмҥэ сылаас ууну элбэхтик иһэрдэллэр,  ферментативнай эмтэри аныыллар. Орто кытаанах эти эндоскопия көмөтүнэн таһаарыахтарын сөп. Онтон терапия ньыматынан эмтээһин көмөлөспөтөҕүнэ, үөскээбит эттиги, тааһы хирургия көмөтүнэн эрэ ылаллар.

Ыарыыны эрдэ быһааран эти ыллахтарына, ыарыһахтар 90 бырыһыаннара үтүөрэллэр. Ыарыы бэлиэлэригэр аахайымтыата суох сыһыан уонна хойутаан эмтэнии араас содуллаах буолуон сөп. Онон, куртах-оһоҕос ыарыылаах уонна куртахтарын эпэрээссийэлэппит дьон сылга биирдэ гастроэнтерологка көрдөрүнүөхтээхтэр. Психикалара кэһиллиилээх дьон исписэлиистэр болҕомтолоругар сылдьыахтаахтар. Уопсайынан, олус кытаанах уонна куртах ыараханык буһарар аһылыгын аҕыйатар ордук.

This post was published on 06.02.2018 14:26 14:26