Батамайы, Сииттэни, Арҕаһы уонна Сангаары уу ылар куттала баар

Хаартыска: Саха сирэ саайт

Кэбээйилэр халаан уутугар олохтоохтук бэлэмнэнэн олороллор, ол гынан баран, билигин даҕаны Батамайга, Сииттэҕэ, Арҕаска уонна Сангаарга уу ылар куттала баар. Уу ылар сиригэр барыта 249 киһи олорор, 66 дьиэ баар диэн Кэбээйи улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

Бүгүн Кэбээйи улууһун баһылыгын эбээһинэһин толорооччу Александр Сивцев СӨ Ыксаллаах быһыы-майгы хамыыһыйатын мунньаҕар улууска халааны утары үлэҕэ бэлэмнэрин иһитиннэрдэ.

Батамай, Сииттэ, Арҕас нэһилиэктэригэр уонна Сангаар бөһүөлэгэр уопсайа 530 миэстэлээх 11 быстах олорор пуун (Батамай сэл. – 150, Сииттэ сэл. – 3 пууҥҥа 160, Арҕас – 40, Сангаар – 6 пууҥҥа 180 киһиэхэ бэлэмнэммит.

Ил Дархан Айсен Николаев Кэбээйи улууһугар халаан уутун аһарыыга ааспыт сыллар уопуттарын туһаныы оруннаахтык бэлэмнэнэргэ кыаҕы биэрдэ диэн бэлиэтээн эттэ.

Кэбээйи улууһугар Ыксаллаах быһыы-майгы хамыыһыйатын, өрөспүүбүлүкэ Юстициятын судаарыстыбаннай кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Павел Иванов салайар. Кини билигин Кэбээйи улууһугар баар уонна Ыксаллаах быһыы-майгы хамыыһыйатын үлэтин хонтуруоллуур.

Санатар буоллахха, билигин даҕаны Батамай, Сииттэ, Арҕас нэһилиэктэрэ уонна Сангаар бөһүөлэгэ сааскы халаан уутугар барар кутталлаахтар, суруйда Саха сирэ саайт.

This post was published on 21.05.2024 12:34 12:34