Саха сирин оскуолаларын 163 үөрэнээччитэ ХИБҮ Математика уонна информатика үнүстүүтүн баазатыгар ыытыллыбыт математикаҕа бүтүн Арассыыйатааҕы үөрэнээччилэр олимпиадаларын регионнааҕы түһүмэҕэр кыттыыны ыллылар. Олортон бастыҥнара үнүстүүккэ үөрэнэ киирэргэ ыҥырыыны туттулар.
“Кыттааччылар билиилэрин таһыма, олимпиада сорудаҕын таһымын курдук, сыл аайы үрдээн иһэр. Быйыл түөрт кыттааччы 44-тэн үрдүк баалы ылан, арааһа, Арассыыйа түһүмэҕэр кытта бараллара буолуо. Быраабыла быһыытынан, олимпиадаҕа кыттыбыт үөрэнээччилэр бары оскуола бастыҥ үөрэнээччилэрин аатын сүгэллэр уонна БКЭ үрдүк баалга туттараллар. Ол гынан баран, ХИБҮ тэрийбит олимпиадата бүтүн Арассыыйатааҕы олимпиадалар испииһэктэригэр киирдэ, онон үөрэххэ туттарсааччыларга эбии буонустанна”, — диэн кэпсиир ХИБҮ Математика уонна информатика үнүстүүтүн математическай анализ хаапыдыратын үрдүкү уһуйааччыта, дьүүллүүр сүбэ бэрэссэдээтэлэ Василий Антипин.
Олимпиада кыайыылаахтара уонна призердара ХИБҮ-кэ туттарсалларыгар, тус ситиһиилэригэр эбии 10 баалы ылбыттарын туһунан туоһу суругу ыллылар. Кинилэргэ үнүстүүт бырапыассардара, математика идэтигэр бэлэмнээһин хайысхатын, үөрэтии усулуобуйатын туһунан сырдаттылар.
Дьүүллүүр сүбэ бэрэссэдээтэлэ этэринэн, былырыын Арассыыйатааҕы түһүмэххэ Саха сирин чиэһин регионнааҕы түһүмэх кыайыылаахтара, Дьокуускай куорат 5 №-дээх орто оскуолатын үөрэнээччитэ Максим Андреев уонна Өрөспүүбүүлүкэтээҕи лицейтэн Иван Тарабукин көмүскээбиттэрэ. Быйыл кинилэргэ Дьокуускай куораттааҕы лицей үөрэнээччитэ Ян Казымов уонна Өрөспүүбүүлүкэтээҕи лицей үөрэнээччитэ Мичил Петров холбоһуохтара. Олимпиада түмүктүүр түһүмэҕэ Санкт-Петербург куоракка ыытыллыаҕа.
This post was published on 15.02.2016 19:27 19:27