Бу күннэргэ Саха сиригэр оскуола иннинээҕи үөрэхтээһин сайдыытын историятыгар биир бэлиэ тэрээһин буолан ааста. Ол курдук, судаарыстыбаннайа суох уһуйааннар ортолоругар аан маҥнайгытын өрөспүүбүлүкэ таһымнаах «Сыл бастыҥ иитээччитэ» куонкурус ыытылынна. Куонкуруска барыта 18 кыттааччы күөн көрүстэ.
Куонкурус СӨ Үөрэҕин уонна наукатын министиэристибэтин, “Белоснежка” лицензиялаах, суудаарыстыбаннайа суох оҕо саадын салайааччыларын көмөлөрүнэн, “Винни Пух”, “Умный Малыш” чааһынай уһуйааннар салайааччылара Светлана Платонова быһаччы тэрийиитинэн ааста.
Куонкурус сүрүн соругунан талааннаах иитээччини булуу, кинини өйөөһүн, иитиигэ саҥа ньымалары көрдөөһүн, туһалаах, айымньылаах этиилэри сайыннарыы, педагогтар профессиональнай маастарыстыбаларын үрдэтии, үлэ бастыҥ үөрүйэҕин тарҕатыы буолар.
Кыттааччылар хас да күн устата үс түһүмэхтээх уустук күөн күрэһи аастылар. Бэйэни билиһиннэрииттэн саҕалаан, ФГҮөС ирдэбиллэригэр, ону ааһан, араас түгэннэргэ санааны үллэстиигэ тиийэ тургутуулары мүччү көттүлэр.
Куонкурус туһунан тэрийээччи Светлана Платонова бу курдук кэпсиир:
— Судаарыстыбаннайа суох оҕо саадтарын иитиллээччилэрин ортолоругар өрөспүүбүлүкэ таһымнаах маҥнайгы профессиональнай куонкурус аан маҥнайгытын ыытылынна. Бу иннинэ сүнньүнэн ырыаҕа, үҥкүүгэ, оҕону эт-хаан өттүнэн сайыннарыыга аналлаах куонкурустар, быыстапкалар ыытыллаллара. Онтон бу сырыыга иитээччилэр чопчу үөрэх салаатыгар күрэхтэстилэр. ФГҮөС киирбитинэн, сорукпут суолтата үрдээтэ. Куонкуруска 15 чааһынай уһуйаантан 18 кыттааччы күрэхтэстэ. Томпоттон, Бүлүүттэн тиийэ кэллилэр. Маҥнайгы куонкурус буолан, СӨ Үөрэҕин уонна наукатын министиэристибэтэ үгүс сүбэлэри биэрдэ, информационнай көмөнү оҥордо. Онон кинилэргэ махталбыт улахан. Финалга Дьокуускай куораттан “Уу-чуку-чук”, “Мэри Поппинс”, “Узнавайка” лицензиялаах оҕо саадтара таҕыстылар.
Дьүүллүүр сүбэ, аҥардас ФГҮөС, сокуон базатын, юридическай өттүнэн үөскүүр ыйытыыларга билиилэринэрэ буолбакка, ис дууһатыттан умсугуйан туран үлэлиир педагогу таларга дьулуспута. Иитээччилэр аһаҕас дьарыктары ыыттылар. Манна кинилэр туох баар саҥа ньымалары барытын туһаннылар (проектор, кинетическэй кумах, уулаах уопуттар, бэйэлэрин дидактическай матырыйааллара). Дьүүллүүр сүбэ кыттааччылар улахан бэлэмнээхтэрин бэлиэтээтэ. Ол эрээри, тус бэйэм арыый кытаанах соҕустук сыаналыыллар эбит диэн көрдүм.
СӨ Үөрэҕин уонна наукатын миниистирин бастакы солбуйааччы Феодосия Габышева кыттааччылары эҕэрдэлээн туран, чааһынай уһуйааннар улахан эппиэтинэһи сүгэллэрин, хас биирдии төрөппүт баҕатын, санаатын учуоттуулларын тоһоҕолоон эттэ. “Дойду таһымыгар Саха сирин уопутун хайгыыллар. Соторутааҕыта Москваҕа ыытыллыбыт норуоттар икки ардыларынааҕы үөрэх “Талааннаах оҕо” салонугар туспа хайысха быһыытынан чааһынай уһуйааннар ортолоругар эһиги уопуккутун кэпсээтилэр. Таһаарыылаахтык үлэлиигит. Билигин 2 ыйдарыттан 3-гэр диэри саастаах оҕолору уһуйаанынан хааччыйар уонна инклюзивнай үөрэхтээһин соруктара тураллар. Үөрэх Федеральнай сокуонугар судаарыстыбаннайа суох оҕо саадтарын туһунан уларытыылары киллэриигэ үлэлэһэ сылдьабыт”, — диэн миниистири бастакы солбуйааччы иһитиннэрдэ.
Кыттааччылар бары СӨ Үөрэҕин уонна наукатын аатыттан кырааматалары туттулар. Кыайыылаах үрдүк аатын “Мэри Поппинс” уһуйаан иитээччитэЕкатерина Степанова сүктэ. Кини 50 тыһ солк. суумалаах сэртипикээти тутар дьолун биллэ. Оттон иккис миэстэҕэ “Уу-чуку-чук” уһуйаан иитээччитэАйталина Семенова тахсан, 15 тыһ солк суумалаах сэртипикээти ылла. Үһүс бочуоттаах миэстэҕэ “Узнавайка” уһуйаан иитээччитэ Валерия Павлова тиксэн, 10 тыһ солк суумалаах сэртипикээтинэн наҕараадаланна.
“Сыл бастыҥ иитээччитэ” аатын сүкпүт Екатерина Степанова 2001 сыллаахха Д.Банзаров аатынан Боханнааҕы педагогическай училищеҕа (Иркутскай уобалас) оскуола иннинээҕи иитээччи идэтин баһылаабыта. Сангаардааҕы 1-кы нүөмэрдээх оскуоланы бүтэрбитэ.
“Эйгэбин уларытан милицияҕа, дьаһалтаҕа үлэлии сылдьыбытым эрээри, төттөрү төннөн кэлбитим. Арааһа, бүгүн бэлиэтээбиттэрин курдук, олоҕум оҕону кытта үлэлииргэ анаммыт быһыылаах. Педагогическай ыстааһым 9 сыл. Кыра оҕолоохпун. Онон, былырыын “Мэри Поппинс” оҕо саадыгар миэстэ баар диэни истэн сайабылыанньа биэрбитим. Тута ылбыттара. Өрөспүүбүлүкэ таһымнаах куонкуруска аан маҥнайгы кыттыым. Тэрээһин үрдүк таһымнаахтык ааста. Үлэҕэ үөрүйэхпитин атастастыбыт, билиибитин хаҥатынныбыт. Кыттааччылар бары даҕаны кыайыыга дьулуурдаахтар. Мин кыайыылаах тахсыам эрэ дии санаабатаҕым. Салайааччым В.С.Назарова күүскэ өйөөтө. Тус бэйэм, иккис түһүмэҕи – аһаҕас дьарыгы ордордум. Маннык куонкурустар чааһынай уһуйааннар, иитээччилэр таһымнарын үрдэтэллэр.
Иитээччинэн үлэлиир, биллэн турар, уустук. Ол эрээри, үлэҕэ, оҕоҕо сөп түбэһэр “күлүүһү” булуохха наада. Оҕоҕо тугу иҥэрэҕин, ону олохторун тухары илдьэ сылдьаллар. Онон иитээччинэн барыах иннинэ итини таба өйдүөххэ наада дии саныыбын. Холобур, буҕаалтырдар сыыстахтарына кумааҕыга көннөрөр эбит буоллахтарына, оҕо кумааҕы буолбатах, эн баҕаҥ хоту көнүмүөн, сотуллумуон сөп. Онон оҕолору таптыахха, өйдүөххэ наада”, — диэн “Сыл бастыҥ иитээччитэ” бэрт судургутук, тиийимтиэтик быһааран биэрдэ.
Балаһыанньа быһыытынан, чааһынай уһуйааннар ортолоругар кыайыылаах аатын сүкпүт иитээччи, өрөспүүбүлүкэ уопсай куонкуруһугар кыттар кыахтанар. Онон Екатерина Степановаҕа ситиһиилэри баҕарабыт.
This post was published on 02.05.2017 10:52 10:52