Бастакы цифровой үөрэхтээһин Киинэ Ньурбаҕа аһыллыа

Балаҕан ыйыгар «Үөрэх» национальнай бырайыак чэрчитинэн Ньурба улууһугар цифровой үөрэхтээһин Киинэ «IT-куб» аһыллаары бэлэмнэнэр. Билигин Киин дьиэтигэр өрөмүөн үлэтэ бара турарын туһунан улуус дьаһалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.


«IT-куб»-ка оҕолор Python тылыгар программированиены үөрэтиэхтэрэ, роботтары айыахтара, системнай администрированиеҕа үөрэниэхтэрэ, алгоритмика уонна логика олохторун үөрэтиэхтэрэ, мобильнай айыылары, VR/AR сыһыарыылары оҥоруохтара.

Киин өрөспүүбүлүкэ IT–тэрилтэлэрин кытары бииргэ үлэлэһиэ, кыттыгас маастар-кылаастары, хакатоннары, араас тэрээһиннэри ыытыахтара.

This post was published on 26.08.2020 12:02 12:02