23 Сэтинньи 23.11
  • -23°
  • $ 102,58
  • 107,43

Бастакы паром сарсын түһүөҕэ

17:15, 22 мая 2017
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Сарсын,  ыам ыйын 23 күнүгэр «Дьокуускай» судоходнай хампаанньа парома Дьокуускайтан Аллараа Бэстээххэ диэри,  боруобалааһын быһыытынан, бастакы рейсин оҥоруоҕа, диэн edersaas.ru иhитиннэрэр.


«Хаҥалас улууһугар паромнар сырыылара эмиэ сарсыҥҥыттан саҕаланыаҕа», – диэн «Эдэр саас» сайтка СӨ тырааныспарын уонна суол хаһаайыстыбатын миниистирэ Семен Винокуров иһитиннэрдэ. Оттон Хаҥалас – Суотту хайысхатынан аны үс-түөрт күнүнэн (бээтинсэ-чэппиэр эҥэр) паромнар сырыылара саҕаланыаҕа.

Дьокуускай – Аллараа Бэстээх хайысхатынан быйылгы навигацияҕа 9 паром үлэлиэҕэ.  Мохсоҕоллоох – Хачыкаат хайысхатынан 7, Хаҥалас – Суотту хайысханан 2 паром сылдьыахтара. Тарыып үрдээбэтэ, былырыыҥҥынан хаалла.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА