Мэҥэ Хаҥалас улууһун Сыымаҕар сүөһү иитэр комплекс арыллар былааннаах. Тэрилтэҕэ итиитэ — электроэнергията сүөһү ноһуомун оҥорон таһаарыыттан ылыллар буолуоҕа. Комплекс инновационнай пиэрмэни олоххо киллэрии бырагырааматынан Саха сиригэр бастакынан арыллыаҕа.
Инновационнай сүөһү комплекстарын тэрийиини Ил Дархан Айсен Николаев муус устар 26 күнүгэр буолбут «Быһа эпиир» кэмигэр сорудахтаабыта. Бырайыагы бэлэмнээһин инвестицияны көҕүлүүр уонна экспорды өйүүр Ааҕыныстыбаҕа сүктэрилиннэ.
Бастакы комплексы «Саҥа Олох» ХЭТ стартыаҕа. Мэҥэ Хаҥалас Сыымаҕар тутуллуоҕа. Тэрилтэҕэ итиини- уонна электроэнергияны сүөһү ноһуомуттан ылыахтара, маны сэргэ үрдүк технологиялаах оборудование туттуохтара.
Судаарыстыбаннай экспертизаны аастылар да, хампаанньа комплекс тутуутун саҕалыаҕа. Ааҕыныстыбаҕа эппиттэринэн, эбийиэктэр элбэх бородууксуйаны биэрэр сүөһүлэргэ ананыахтара. Комплекска 800 гектар сир сүөһү аһын үүннэриигэ, бэлэмнээһиҥҥэ ананан бэриллиэҕэ. Сир кадастровай учуокка турар.
This post was published on 04.05.2023 09:01 09:01