Барылас Слепцовтара сылын аайы сүүстүү туонна оту илиинэн оттууллар

Дьааҥы оройуонун Барылас нэhилиэгэ 360-тан тахса туонна оту кээһэн, биирдиилээн уонна фермерскэй хаhаайыстыбалар кыстыгы этэҥҥэ туоруур кыахтаннылар.


Барыласка 1997 сылтан тэриллибит  «Уйгу» бааhынай фермерскай хаһаайыстыба быйыл да быйаҥнаах Лаайдара сиригэр 30-ча ынах сүөһү, 80-ча сылгы сүөһү кыстыыр отун уруккулуу үгэhинэн, илиинэн оттуур. Бааhынай хаhаайыстыбаны дьиэ кэргэн аҕа баhылыга Василий Васильевич Слепцов салайар. Василий Васильевич Арыылаах Мэтээкититтэн төрүттээх, 45 сылын Барылаһы дойду оҥостон олорор, саха үгэhин, чөл олоҕу дьоҥҥо сэргэҕэ тарҕатааччыннан биллэр.

Ийэлэрэ Евдокия Николаевна Слепцова төрүт Барылас олохтооҕо, Барылаһы олохтообут  норуот ырыаһыта Слепцова Мария Николаевна — Кустуй Маарыйа төрөппүт кыыһа. Норуот ырыаhыта Кустуй Маарыйа Барылаhын сирин-дойдутун, кыылын, көтөрүн, сылгытын-ынаҕын, иhитин-хомуоhун хоhуйан ыллаабыт дьааҥылыы былыргы мурун, хабарҕа, таҥалай ырыалара Аан дойду араас муннугар тиийэ иhиллибиттэрэ. Кини туойбут  күөх хонуутугар, бүгүн эмиэ, хооҕурҕаспыт кууруссалар, сыhыыларга сырсар сыспай сиэллээх, алаас муҥунан хороҕор муостаах дьаарбайар.

Слепцовтар уоллара Игнатий Слепцов былырыын Дьааҥы улууһугар аан маҥнайгыннан ыҥырыа иитиитин саҕалаан тыа хаһаайыстыбатыгар саҥа хардыылары оҥорон «Дьааҥы мүөтэ» бородууксуйа бэркэ биhирэммитэ. Онон тымныы да оройо муҥуутуур дойдутугар мүөт ылыллыан сөптөөҕүн көрдөрбүтэ. Быйыл 30 ыҥырыа дьиэ кэргэнин Владивостоктан бэйэтэ аҕалан, сахабыт сирин биллэр-көстөр ыҥырыаһыттарын ахсааныгар сылдьар.

Улахан уоллара Илья кэргэнинээн Саргыланалыын иккиэн кыра оҕо саастарыттан истибэт да, саҥарбат да буоллаллар сылгы хаhаайыстыбатын тутан ньир-бааччы олорор ыал. Илья тиэхэникэҕэ оҕо сааhыттан сыстаҕас, көмүс илиилээх маастар.
Дьон — сэргэ кинилэрдиин илиилэринэн сапсынан кэпсэттэллэр, саҥарбаттарын умна быһыытыйаллар.

Илья от кэбиһиитигэр  ханныктаах да бадарааҥҥа батыллыбат «Сокол» тиэхиникэни иккис сылын туһанан от үлэтин хаамыыта бэркэ барар.

Слепцовтэр сиэннэрэ Дьокуускайга Саха гимназиятыгар, Айыы кыһата оскуолаларыгар үөрэнэллэр, эһээлээх эбэлэрин көмөлөрүнэн күөх сайын уйгутуттан сылын ахсын сомсоллор.

«Уйгу» бааhынай хаhаайыстыба сылын ахсын 100 — түү туонна оту оттуур.
Быйыл ханнык да дьылтан саамай үчүгэй, өлгөм үүнүүлээх сайын буолан ааста,
онон кыстыгы туоруурга эрэллээхтэрин этэллэр.

This post was published on 29.08.2020 10:20 10:20