Барылас оттоох ходуһаларын бүтэйдииллэр

Барыласка 200-тэн тахса ынах сүөhү кыстыгы этэҥҥэ туораата. Дьааҥы улууһун биир кырыы нэһилиэгин олоҕо-дьаһаҕа өрөспүүбүлүкэҕэ үтүө көрдөрүүлээх.


Нэhилиэк дьаhалтатыгар тыа хаhаайыстыбатын исписэлииhэ Максим Слепцов дьаhалынан, Куурдар Быыс сиригэр бүтэй оңоруута ыытылла турар. 5 киhилээх биригээдэ бэрт куталаах сиргэ уонтан тахса күн устата үлэлээтэ.

«Бүгүҥҥү туругунан 2,5 килэмиэтирдээх бүтэй тутулунна. Киэң сири таайыыр оттоох ходуhаларга сүөhү киирбэтин туhугар бөҕө тутуу ыытыллар. Олохтоохтор бэрт мындыр ньыманан күрүөнү-хаһааны салгыыллар», — диэтэ кини.

2004 сыллаахха ходуhа сирдэрэ өттөммөккөлөр, лаҥхаран, ол сайын этиң уотуттан баhаар тахсан, ыксалы үөскэппиттээҕин исписэлиис санатта.

Бүтэй тутааччы уолаттар Илья, Петр Сотрудниковтар, Радик Слепцов, Семен Новиков төрөөбүт дойдуларын сирин-уотун үчүгэйдик билэр буоланнар, үлэ да хотуулаахтык барар.

Барылас улуус кииниттэн 530 км ыраах сытар сир. Былырыын Сартаң оттуур мобильнай биригээдэлэрэ Ат Үрэ5э, Лаап диэн, оттон Арыылаах мобильнай биригээдэтэ Таастаах Быллар диэн өлгөм үүнүүлээх ходуhаларга кэлэн оттоон, кыстыгы үчүгэйдик туораатылар.

This post was published on 14.05.2020 18:01 18:01