Илья Васильевич, Сардана Гаврильевна иккиэн Дьокуускайдааҕы истибэттэр оскуолаларыгар үөрэммиттэр. Каникулларга Дьааҥыларыгар баралларыгар аргыстаhаллара, кэлин улаатан, чугастык билсэн ыал буолаллар. Икки истибэт да, саҥарбат дьон аал уот оттунан, бэйэ хаhаайыстыбатын тутан ньир-бааччы олороллор.
Барыласка олохтоох ыал икки сааһыгар сылдьар уоллара Илья дэлби түһэн, кыайан истибэт да, саҥарбат да, хамсаабат буолан, дьоно Дьокуускайга илдьэн көрдөрөллөр. «Параличтаабыт» диэн ыар диагноhы истэн, төттөрү дьиэлииллэр. Онуоха эбэтэ Кустуй Маарыйа эбээн ойуунугар эмтэтэн, кэлин бэйэтэ илбийэн, сиэнэ Илья улам хааман барар. Уол сотору оҕолору кытта тэңңэ оонньуур, сүүрэр-көтөр, 5 сааһыттан Дьокуускайга истибэттэр оскуолаларыгар үөрэнэр. Сайыңңы сынньалаңар дойдутугар кэлэн дьабаралаан, велосипедтаан, хатааhылаан, балыктаан, куобахтаан, оҕо быыһыгар оҕо буолан сылдьар.
Биир түгэн туhунан быраата маннык кэпсиир: «Арай биирдэ улаатан эрэр уолаттар Ылдьааны бэйэлэрин кытта куобахтата илдьэ барбыттар. Ол сылдьан ойуурга хаалларан кэлбиттэр. Киһибитигэр хаһыытыы сатаатыбыт да кэлбэтэ дэспиттэригэр, Илья аҕата «киһигит олох да таас дьүлэй, оннооҕор саа тыаһын истибэт ээ» диэбитигэр уолаттар бэйэ-бэйэлэрин көрсөн кэбиспиттэрэ үһү. Киһини барытын кытта тарбаҕынан кэпсэтэр буолан, сорохтор, кыл түгэҥҥэ, оннооҕор истибэтин умнар түгэннэрэ баара».
Илья түөрт бииргэ төрөбүттэриттэн улаханнара, кыратыттан үлэҕэ сытаҕас, үтүө майгылаах уол. Бары тэҥҥэ куобахтаһан, булчуттарга хол, буут арааран, оннооҕор ыйааһыннаан тэңңэ түҥэтэрэ, диэн бииргэ улааппыт табаарыстара ахталлар.
1995 сыллаахха Кэриэс үрүйэтэ күөлгэ түhэр салаатыгар, күрүлгэн сүүрүктээх ууга түспүт икки аңаар саастаах оҕону быыhаан турардаах. Кини хорсун быhыытын туhунан «Мужество не спрашивает, велика ли скала» диэн Матрена Кюрэ кинигэтигэр киирбитэ.
Амма сириттэн күтүөттүү атынан айаннаан кэлбит Дмитрий Дмитриевич Бысыев бу барҕа баай, кэрэ айылҕалаах дойдуну сөбүлээбитин, Илья ханнык баҕарар тиэхиньикэни оҕо эрдэҕиттэн бэйэтэ оҥосторун, былырыын улууска, бастакынан, туохтан да иҥнибэт «Сокол» көлөнү аҕалан сүүрдүбүтүн, билигин ыҥырыыга сылдьар маастар буолбутун киэн тутта кэпсиир.
Дьааҥы Арыылааҕыттан төрүттээх Саргылана Гаврильевна Барылас сис ыалын
мааны кийиитэ. Иис араас көрүҥэр үөрэнэн «таҥаһы хаамтарар» иистэнньэң, оҕуруоhут, унтуу тигэр, Илья улларар. Онон элбэх дьону-киhини кыhыңңы атах таҥаһынан хааччыйаллар, нэһилиэктэртэн сакаас киирэ турар.
Хоту сир ыраах уhук нэhилиэгин хоhуун ұлэhитэ Илья Васильевич отун, маhын тиэнэн кэллэҕинэ Сардааната куруук итии астаах, сылаас мичээрдээх, ұөрэ-көтө көрсөр.
Дьоhун-мааны саха ыала ынах, сылгы, куурусса иитиитинэн дьарыктанар, тэлгэhэлэригэр тутуу, тиэхиньикэ арааhа, кыстык мас, муус кыстаммыт, толору оттоох дал, үөр сылгы тэнийэр, ынах сүөhү элбиир. Маны эттэхтэрэ «Эр киhи — дьиэ-кэргэн кэтит истиэнэтэ, төрөөбүт дойду дьиңнээх хаhаайына» диэн.
This post was published on 03.03.2020 12:43 12:43